Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 2 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
         
    

Чүөмпэттэн уулуур

1945 сылтан 50 сылга диэри Горнайга районо сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан билбитим. Горнай оройуон Торуой Атамай нэһилиэгиттэн Кировскай нэһилиэгэр баран истэххэ, ойууру быыһынан түһэр үрэх куула сыырын үрдүгэр ойуун араҥаһа харааран турар.
Ону, айаннаан иһэн, көрөн бараммын, кырдьаҕастартан ыйыталастым. Ону кинилэр ити улахан хомуһуннаах ойуун араҥаһа. Кини, туох эмэ буолаары гыннаҕына, дьоҥҥо көстөр – төбөтө эрэ аллараа чүөмпэҕэ төкүнүйэн киирэр уонна онтон уулуур. Ону көрбүт дьон үксүгэр моһуогураллар. Холобур, биир хомсомуол уол, Кировскайга баран иһэн, ол ойуун төбөтүн көрөн баран, уҥан хаалбыт. Ону аргыһа дьиэтигэр тириэрпит этэ диэн.
 
Кэпсээннэрэ итинник. Онтон мин этэбин.
 
Торуой атамайдарга былыр-былыргыттан бу ойуун араҥаһын 40-нуу сыл буола-буола эргитэллэр эбит. Ол аата туох буоллаҕа дии – саҥардан биэрэллэр эбит. Ол саҥардыыга, ыһыахха мустар курдук, сайын элбэх киһи тахсан ааттаһар-көрдөһөр, бэлэх-туһах ыйыыр уонна онно уопсай олорон аһыыр эбиттэр.
 
Дьэ, ити кэмҥэ, мин көрдөҕүм эһиилигэр, холкуос киинигэр, Уус Күөлүгэр, биир дьахтар өйүнэн ыалдьан мэнэрийбит. Онно кини ити ойуун уҥуоҕун 40 сыллаах эргитиитэ ааһан эрэр, онон бэрт сотору саас тахсан эргийиэххэ наада диэбит.
 
Онно Максимов Анатолий Семенович диэн холкуос бэрэссэдээтэлэ, бырабылыанньа мунньаҕын тэрийбэккэ эрэ, холкуостан биир сүөһүнү уонна биир куул бурдугу, ону хааһылаан сииргэ сөптөөх арыыны ороскуоттаан туран, элбэх киһилээх тахсан, ойуун араҥаһын эргитэрбит.
 
Оччотооҕуга мин райсовет исполкомун чилиэнэ этим. Райсовекка үҥсүү киирбитигэр, Максимовы ыҥыран олорон, исполком дьүүллээбитэ. Уонна быһаарыы ылыммыта – холкуос уопсайыгар таһаарбыт ороскуотун төлүүрүгэр уонна кинини, холкуос устаабын кэһии быһыытынан, дьыалатын суукка биэрэргэ, үлэтиттэн устан туран. Онуоха мин исполком чилиэнин быһыытынан: “Традиция буолбут суолу толорбутун иһин сууттуур сатаммат”, – диэн көмүскээн көрбүтүм. Ону ылымматахтара.
 
Бу Максимов, хаайыыттан тахсан баран, Торуой Хомустаахха кэлэн олохсуйбута. Кэлин Хамаҕаттаҕа олорон өлбүт.
 
Ойуун аатын эппэт этилэр. Мунньахха этэрин эппиттэрэ да, умнан кэбиспиппин.
 
Оттон Торуой Хомустаах, Көбөкөн икки ардыгар эмиэ итинник ойуун көмүллэ сытар дииллэр да, кимтэн да чуолкайдык истэ иликпин.
 
Горнайга, Маҕаны нэһилиэгэр, айан суолун үрдүгэр ыйанан турар биир ойуун араҥаһа баар. Ол ойуун сөбүлээбэт диэн, биир сайын араҥас анныгар баар ходуһаны оттооботохторо. Ол иһин, оройуон үрдүнэн айдаан буолан, нэһилиэк Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ миэрэҕэ тардыллыбыта.
 
Чэ, итигирдик.
 
Ити ойуун дүҥүрэ тыаһыы сытар. Ол биллэригэр биллэр.
 
С.А. МЕСТНИКОВ, Уус Алдан, I Өлтөх нэһилиэгэ. 1992 с. http://www.kyym.ru - сайттан. №45  2016.11.17

Суруйда Baaska. 2017-05-11 22:54:36 +09.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ