Эбээм кэпсээбитэ..
Эбээм ол сыл 14 туолаары сылдьара, мин саҕа сылдьан.. Дьиэ кэргэнигэр оҕо төрөөн, эбээм ыал улахан оҕото буоллаҕа, ол оҕо наһаа кэтэһиилээх күүтүлээх оҕо эбитэ.. Биир күн эбээм сайын таһырдьа дьонноруттан көҥүллэтэн дьиэтин таһыгар ыал оҕолорун кытта, оонньуу тахсыбыт.
Ол бириэмэҕэ эбээм быраата 1 ыйдааҕа. Арай оонньуу сырыттаҕына улахаан да улахан суор ду туох ду дьиэ иһигэр көтөн киирбит, уонна утуйа сытар оҕо оронун үрдүгэр олорон, оҕону тобулу көрөн олорон улахан баҕыйытык ытыыр курдук орулаабыт, Ону истээт оҕо уһуктан, таттаран көҕөрөн киирэн барбыт, ийэтэ оҕотун быыһырга, аҕата ол дьиэҕэ киирбит күтүрү үүрэн нэһиилэ таһырдьа таһаарбыт... Суордара хаһыыра - хаһыыра көтөн бара турбут... Дьэ ол бириэмэҕэ оҕото тыла түгэх баран хаалан, айаҕыттан күүгэн тахсан, уол тылын кыайан туппатахтар уоллара ол бириэмэҕэ күн сириттэн бараахтаабыт, тылын ыйыстыбыт.. Ол түгэн эбэм хараҕар билиҥҥээҥҥи диэри көстөр, ол барыта эбэм көрөн турдаҕына буолбут...
Инньэ гынан ол абааһы күтүрэ оҕолорун күн сириттэн илдьэ барбыт..
Биир сүбэлээхпин эһиэхэ: дьиэҕит иһигэр чычаах киирдэҕинэ, тутан ылан моонньун быһа эрийэн, өлөрөн баран "хантан кэлбит сиргиттэн, ол онно төттөрү кыйдаа" диигит. Уонна таһырдьа быраҕаҕыт...
Vk.com сайттан. Кристина Петрова суруйуута.