Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 6 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: Курупааскы, улар охсуута саҕаланар.
Сотору:
2 күнүнэн: 23.04.2025 Паасха. Чуумпу сылаас түүн буоллаҕына сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
3 күнүнэн: 24.04.2025 Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан.
6 күнүнэн: 27.04.2025 Республика күнэ
10 күнүнэн: 01.05.2025 Маай бырааhынньыга.
         
    

Сир былдьаһыыта

Сайын, от кэмэ саҕаланан биир ыал бугул бөҕө туруоран, астына ахан сыдьыбыттар. Арай биир куйаас күн от харбыы сырыттахтарына ыаллыы сытар сайылык диэкиттэн улахан баҕайы холорук иһэр эбит. Бары хаһыы - ыһыы буолан ыһылла - ыһылла куоппуттар. 

Мунньан сордоммут отторун биирдэ ытыйан ылан алаас ортотугар турар күөлгэ идьэн ыһан кэбиспит. Онтон өйдөөн көрбүттэрэ холорук ортотугар ким эрэ эргийэ эргийэ сүүрэ ахан сыдьар эбит. Улаханы толкуйдуу барбакка аҕалара саха быһаҕынан быраҕан саайбыт, ону кытта холоруктара сүтэн хаалбыт. Санаалара түһэн дэриэбинэҕэ хоно киирбиттэр. Тиийбиттэрэ билэр эмээхсиннэрэ, ыаллыы ходуһа ыал эбэлэрэ өлбүт үһү диэни истибитэр. Быһахха дэҥнэммит. Холорук буолан Сирин быдьаһа кэлэн баран кыаттарбыт. Уруккута ол ходуһа кинилэр сирдэрэ үһү. 

Vk.com сайттан. Алла Кашлакова суруйуута.

Суруйда Baaska. 2013-09-22 20:59:37 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ