Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 3 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: Күн көрдөҕүнэ, сайына ичигэс, былыттаах күн сайына куһаҕан.
Сотору:
2 күнүнэн: 23.04.2025 Паасха. Чуумпу сылаас түүн буоллаҕына сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
3 күнүнэн: 24.04.2025 Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан.
6 күнүнэн: 27.04.2025 Республика күнэ
10 күнүнэн: 01.05.2025 Маай бырааhынньыга.
         
    

Хара ыт

Сунтаарга, роддомҥа дьонум эбээлэрэ киирбит. Былыр соҕус. Аһаҕас харахтаах эбит. Түүн утуйа сытан эмискэ уһуктан кялбит. Арай көрдөҕүнэ ыйдаҥа уотугар ЫТ күлүгэ көстөн олорор эбит... 

Син балай да олоро түһэн баран салбаммыт, уонна сүтэн хаалбыт. Сотору буолаат, ол түүн биир дьахтар төрүү киирбит, тыаттан, ыарахан туруктаах эбит. Сиэстэрэлэр айманыы бөҕөтө буолбуттар. Сотору буолан баран чуумпурбуттар. Сарсыарда туран истибиттэрэ ол киирбит дьахтар өлөн хаалбыт үһү...

Хас да күн буолан баран эмиэ түүн уһуктан кэлбитэ эмиэ били ыта олорор эбит... Ол гынан баран салбамматах, мээнэ олорбут. Сотору буолан баран эмиэ айманыы бөҕөтө буолбут, эмиэ ыарахан туруктаах дьахтар киирбит. Соторунан эмиэ уоскуйбуттар. Сарсыарда истибиттэрэ, ол дьахтар хаана дэлби баран киирбит, ол гынан баран тыыннаах хаалбыт.

Ол аата, ЫТ салбаннаҕына СИИР эбит, онтон көннөрү олорор эрэ буоллаҕына ыарахан туруктаах ыарыһах киириэҕин биттэнэр эбит.

Мария Петрова суруйуута http://vk.com сайттан

Суруйда Baaska. 2013-03-31 11:06:31 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ