Ойуур умайарыгар айылҕа киһи курдук кубулунн көстөр эбит. Тыа уотун умуллара сылдьан дьиктини көрбүппүн кэпсиибин.
Чаҕылхан түспүт маһыттан саҥа баран эрэр уоту умулуннарбыппыт. Онно сылдьан көрдөхпүнэ, умайа турар мас кэннигэр киһи күлүгэ, эмиэ биһиги курдук уоту умуруорса сылдьара. Билигин санаатахпына, сааһым кыра буолан эбитэ дуу, дьонум аттыгар сылдьар буолан эбитэ дуу, куттаммыппын ончу өйдөөбөппүн.
Күлүк курдук киһи уот умайан өрө кытыастан таҕыстаҕына, сирэйэ көстүбэтин эрэ өйдөөн хаалбыппын.. Умуруора сылдьан, сорох ардыгар хараҕым далыттан сүтэрэн кэбиһэр этим. Улам-улам уоту хаайан истэхпит аайы, киһи күлүгэ буруону кытта симэлийэн испитэ.
Дьоммуттан толлон кэпсээбэтэҕим. Кэлин улаатан баран, онтубун эбэбэр кэпсээбитим. "Сир - дойду барыта иччилээх буоллаҕа... хата, бэйэтинэн көмөлөһөн умулуннарбыккыт буолуо..." - диэбитэ.
Чугас эргин оттуу сылдьар дьон саба сырсан кэлэн, бары көмөлөөн умулуннарбыппыт. Чаҕылхан уота икки хонон баран биирдэ умайан тахсыбыт этэ. Аттынан матасыыкылынан ааһар этибит да, буруо да сыта кэлбэтэҕэ дьикти. Баҕар, тыал атын сир диэки кыйдыыра буолуо.
Чаҕылҕан уота үксүгэр өтөх кытыытыгар турар улахан мастарга түһэр. Оттон ол мас ойуур ортотугар турара. Орто тиит этэ. Улахан тииттэри кумалыырын курдук, онно-манна ыспакка, төбөтүттэн саҕалаан, хатырыгын эрэ хайытан киирэн, силиһин анныгар эстибит быһыылааҕа. Дириҥ баҕайытык хаспыппыт, дөлбү уу куппуппут кэннэ биирдэ умуллубута.
Ол сиргэ икки сыл буолан баран, күһүн тиийбиппит, хойуу да хойуу отон үүнэн турара. Тиит хаппыт уонна тулата уу буолбут этэ. Мэктиэтигэр, киһи сирэйэ кытарарга дылыта! Көбүөр курдук хойуутук үүммүт отону олорон эрэтула өттүттэн хомуйдахха, уон лиитэрэлээх биэдэрэ аҥаарын кэриҥэ буолара. Оннук хойуу, бөдөҥ отону мин өссө харахтыы иликпин. Ол күһүнү быһа онтон арахпатахпыт. Атын да сиргэ отон баар этэ эрээри, кыһыны быһа сиир отоммутун онтон булуммуппут.
Айылҕа барахсан уоттан быыһаабыт оҕолоругар итинник махтаннаҕа буолуо дии саныыбын. Тиийбэтэхпит, уоту умулуннарбатахпыт эбитэ буоллар, ол сир-дойду күл-көмөр буолуохтаах этэ.
Этиҥ түспүт маһа икки улахан өтөх аттыгар турара. Баҕар, ол өтөхтөрү араҥаччылыыр иччилэри алҕас көрбүт буолуохпутун сөп...
Бүөтүр БӨТҮРҮӨП. "Кыым" 28.03.2013.