Сүктэр кыыс, дьадаҥы ыал оҕото буоллаҕына, сылгы эбэтэр ынах тириитэ тэллэхтээх, куобах суорҕаннаах, сыттыктаах уонна саҥа сиидэстэн тигиллибит алтан тиэрбэскэ тиһиллибит быыстаах. Оттон баай ыал кыыһа бэриинэлээх, түппээк тэллэхтээх, түүлээх саҕалаах суорҕаннаах, оронун таҥаһа саахыматтыы тигиллибит сабыылаах, байбаралаах быыстаах буолар.