Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 5 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
         
    

Уҥуох тутуу (ытыгылааһын)

Былыргы саха киһи өллөҕүнэ, хаһыы дүлүҥҥэ уган холболоон үөһэ алта-аҕыс атах үрдүгэр араҥастыыллара. Араҥас үрдүгэ киһиттэн үрдүк, үрүтэ саһаан буолар. Былыргы араҥастар билигин да тыа истэригэр, уот сиэбэтэх сирдэригэр сууллан баран тураллара бэрт аҕыйах баалларын көрөбүт.

Онтон дьадаҥы киһи өллөҕүнэ, үс хаптаһынынан сабан дьааһыктаан-холболоон баран, сир үрдүгэр көннөрү ампаар охсон буорунан сабаллара үһү. Бэт былыргыттан даҕаны сэдэх соҕустук өлбүт киһини иин хаһан буорга мастаан-оттоон көмөллөрө. Буорга көмүүгэ тааһынан, күлүнэн, хоруонан, кумаҕынан, буорунан көмөллөрө эмиэ баар.

Баай киһи өллөҕүнэ хоолдьуга диэн аты тыыннаахтыы симээн баран ииҥҥэ-буорга көмөллөр, хас да аты садаҕа быһаллар, ойуунунан кут арааттаран диэн үөттэрэллэр. Ас аһыыллар. Бэйэтин кытта бары мааны таҥаһын таҥыннаран, бары туттар сэбин: оҕун, батыйатын, үҥүүтүн тайыытын, болотун тойун холбуу угаллар. (Өлбүт аһыыр мааныаһын, иһитин угаллар. Аһыыр аһын мамыыкка диэн ааттыыллар). Бэт былыр, туой баай киһи өллөҕүнэ, тэһиин тутааччынан киһини - кулуту тыыннаахтыы күүстэринэн көмөллөрө үһү диэн баар да, чуолкайа биллибэт. Хата, кэнники туой үтүө баай киһи кэнниттэн сотору биир эмэ кыра киһи өллөҕүнэ, "ити эрэйдээх тэһиин тутааччынан бардаҕа - батыстаҕа!" - диэн хоһоон буолара.
____________
Силэпсиэп, Бүөтүр Силиипэбис, 74 саастаах, Бахсы нэһилиэгэ Чурапчы оройуона. Көмүк. Кулун тутар 4 күнэ 1936 с.

Сэһэн Боло. Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи олоҕо. Бичик, 1994.

Суруйда Baaska. 2011-12-12 02:39:53 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ