Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 4 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
         
    

Саха бииһин ууһа Өлүөнэҕэ, Бүлүүгэ, Өлүөхүмэҕэ кэлиитэ

К.Ө.Боппуоп, Илин Хаҥалас улууһа, Хачыкаат нэһилиэгин олохтооҕо. С.П.Б. диэн киһи сэһэнин Д.И.Меликов суруйбутуттан.

Урааҥхай кыраайыттан сахалар (саха туспа биис ууһа дьон) хамнаан, олохторуттан хотугулуу-арҕаа көһөн иһэн бэрээт омук сиригэ, Байкал күөл тулатыгар тохтоон олорбуттар, онно кинилэр олоро сылдьыбыттарыттан билиҥҥэ дылы Ат Дабаан, Оҕус Дабаан, Хаамар Дабаан той диэн ааттардаах дойдулар бааллар үһү.



Ол дойдуттан сахалар иккиһин көһөн хоту диэки бараллар. Ол баран иһэн өлүөхүмэ үрэҕин быһан, булан, өрүһүнэн Өлүөхүмэнэн таҥнаран, Өлүөнэ өрүскэ түһэн, биир улахан арыыны булан, ол арыыны Кыыллаах Арыы диэн ааттаан тохтууллар. Ол арыыттан хас да оруода буолан сорохторо Өлүөнэнэн таҥнараллар, ол таҥнаран билиҥҥи Дьокуускай оннун - Сайсарыны булан олороллор, биир оруода үөһээ өрүстэн (соҕолоон) Өлүөхүмэнэн айаннаан Кириҥкэҕэ тиийэн олохсуйаллар, сорох оруодалар хоту туораанБүлүү өрүһүн булан, таҥнаран билигин Ньурба диэн дойдунан олоҕурбуттар. Бэрт аҕыйах дьон Кыыллаах Арыынан, Өлүөхүмэ үрэҕинэн хааланнар олохсуйбуттар.

Сахалар ол кэлиилэригэр ити ааттаммыт Өлүөнэ өрүс дойдуларыгар олохтоох оруодаларын көссөн үтүрүйбүттэрэ үһү.

Сэһэн Боло.

Суруйда Baaska. 2011-12-08 18:10:56 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ