Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 3 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: Курупааскы, улар охсуута саҕаланар.
Сотору:
2 күнүнэн: 23.04.2025 Паасха. Чуумпу сылаас түүн буоллаҕына сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
3 күнүнэн: 24.04.2025 Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан.
6 күнүнэн: 27.04.2025 Республика күнэ
10 күнүнэн: 01.05.2025 Маай бырааhынньыга.
         
    

Тиэтэллээх Тиэхээн

Оскуола Арыылаахха хайдах тэриллибитин туһунан үөрэммит оскуолам уруккутун кэпсииргэ соруннум. Оскуола буолуон иннинэ бастаан Уһун Өлөҥтөн 800 м-лээх сиргэ эһэм Тиэтэллээх Сэмэн дьиэ туттан олорбута.

Тихон Михайлович Каженкин-Тиэтэллээх Тиэхээн, эбэтэр кэлин Мэтээллээх оҕонньорунан билинэр эһэбит, олорор дьиэтин көһөрөн киллэрэн Арыылаахха киллэрбит. Ил Дархан уурааҕынан билигин Каженкин Тиэхээн аатын сүгэр. Быйыл оскуола ахсынньы 26-с күнүгэр 125 сааһын туолар.
 
Хос Көлүйэҕэ барарга Үҥкүр диэн сир баар. Онно үс сыл олорбут, бэйэтэ туппут дьиэтин көһөрөн киллэрэн Арыылаахха таҥара оскуолатын аһарга улаханнык көмөлөспүт. Бу өҥөтүн иһин ыраахтааҕыттан мэтээл ылар. Ити – Чурапчы Арыылааҕар.
 
***
 
Биир улахан үлэтэ – таҥара дьиэтигэр куолакал таһааран ыйыыр. 52 буут 20 муунталаах куолакалы. Бастаан ол куолакалы борокуотунан аҕалан Төхтүр анныгар сүөкээн кэбиспиттэр. Кумахха. Эһэм куолакалы аҕаларыгар Дыраан-Петров  Сэмэн диэн биллэр күүстээх киһиэхэ көмөлөһүннэрбит. Кини Дьаҥхаада төрүт олохтооҕо. Арааһа 50-чалааҕа эбитэ үһү. Бу киһи көмөтүнэн оҕонньор куолакалы аҕалан, Арыылаах таҥаратын дьиэтигэр таһааран турар. Кэлиҥҥэ диэри бу киһитигэр улаханнык махтанара үһү.
 
***
 
Сэрии кэмигэр ол куолакалы сууллараллар. Соҕуруу илдьэллэр. Билигин 8 куолакалы аҕаллылар. Бу дьиэҕэ ыйаары. Олортон биирдэрэ 500 киилэлээх, атыттара кыралар үһү. Бу таҥара дьиэтэ билигин да турар. 
 
Тиэхээн уола Миитэрэй Каженкин дьиэлэрин көһөрөллөрүгэр көмөлөспүт. Саас кулун тутар ортотугар диэри дьиэлэригэр олорбуттар. Быйыл оскуола 125 сааһын туолар буоллаҕына 1891 сыллаахха көһөрүллүбүт буолуон сөп. Оскуола төрүттэннэҕэ ити.
 
Сыарҕа хаара уулла илигинэ көһөрбүт. Бэйэтэ Хос Көлүйэ диэн сиргэ эргэ бабаарына баар эбит ол онно көһөн хаалбыт. Бабаарына диэн – 6-8 муннуктаах эргэ хотоннуҥу дьиэ баар буолар. Биир нэдиэлэ иһинэн бу олорбут дьиэтин маһын, муостатын олоччу көһөрөн бүтэрбит.
 
Салҕааһыныгар тиийбэт маһын Хос Көлүйэ Чаҕылҕаннаахха барар тыатыттан кэрпит. Оччолорго эрбии эҥин диэн суох кэмэ, барыта сүгэ үлэтэ. ¥чүгэй баҕайытык кэрдитэлээбит сүүһүнэн төҥүргэстэрэ билиҥҥээҥҥэ диэри онно тураллар. Ол дьыл күһүнүгэр оскуоланы тутан бүтэрэн, арыйар.
 
Маҥнай аһылларыгар 1 кылаастаах диэн буолбут. Онтон 2 кылаастаах оскуола аатын ылар. Сыыйа эбиллэн-эбиллэн 4 кылааска диэри үрдээбит. Уһуннук үлэлээбит.
 
Билигин бу бастакы оскуола маһа оскуола гарааһа буолан турар. Көтүрэн илдьэн гараас туппуттар. Эһэм дьиэтэ онон үһүс олоҕор туран билигин да туһаалыы турар диэн, сөҕөн эрэ кэбиһиэххэ сөп. Хаачыстыбалаах тутуу диэтэҕиҥ.
 
Бу дьиэтин көһөрөрүгэр улахан салааска оҥорбут. Уһун мастарын таһаары. Икки көлүүр оҕустаах эбит. Модьу баҕайы саха оҕустара эбитэ үһү. Ол икки оҕустарынан уолун кытта түүннэри-күнүстэри үлэлээбиттэр. Инньэ гынан тиһэҕэр тиийэн, аҕабыыт оскуолата буолан тахсар. Чугастааҕы оройуоннарга аан маҥнайгы оннук оскуола.
 
Хос эһэм туох да ураты идэлээҕин билбэппин. Салалтаҕа үлэлээбэтэх киһи. Бэйэтэ өйүнэн-санаатынан ыччат үөрэннин диэн, бука дьиэтин илдьэн тутан биэрдэҕэ. Уруккуга бу эһэм дьиэтэ улахан дьиэ буолуохтаах. Мин 4-с кылааска диэри үөрэнэрбэр учууталлар уопсайдара буолан турбута. Афанасий Кирикович Новгородов диэн снайпер киһи тахсан учууталлыы сылдьыбыта. Чурапчыттан. Хаартыскаҕа көстөр дьиэҕэ биһиги саҕана түгэх уҥа түннүккэ олорбута.
 
11-12 м усталаах, туоратыгар 2 түннүктээх буоллаҕына эмиэ 6 хас м баар буолуохтаах. Улахан халааҥка оһох баара. Килиэп буһарар сирдээх оһоҕу итинник диэччилэр. Улахан баҕайы ураты айахтаах буолааччы. Халааҥка оһоҕун, арааһа, кэлин туттахтара.  Биир өттүгэр сахалыы көмүлүөк оһохтооҕо. Киирэри кытта. Инньэ гынан икки оһохтооҕо. Бу оһохтору көрөн-истэн харайан оҕонньор бэйэтэ икки сыл устата остуорас курдук олоро сылдьыбыт. Бу – ыраахтааҕыттан 3 мэтээллээх оҕонньор. ¥рүҥ, кыһыл көмүс уонна боруонса мэтээллэрдээҕэ.     
 
  Маачаха аҕалаах этим. Попов Николай Филиппович диэн. Ол киһи оччолорго сүүрбэтиттэн тахсалаах сылдьан билбит. Көтүллүөн иннинэ бу дьиэни баран көрбүт. Күүлэйдии сылдьыбыт. Мин эһэм Миитээ диэн кини табаарыһа эбит. Инньэ гынан билсиһэллэр эбит. Олорор сирдэрэ 800-чэкэ эрэ м эбит. Онтон оскуола бастаан дьиэ буолан турбут сириттэн бу Арыылаахха диэри 3.5 килэмиэтир курдук сири көһөрүллүбүт.
 
Аны, ол дьиэ буолан турбут сиригэр омуһаҕа хааллаҕа дии. Онто билигин сиилэс омуһаҕа буолан турар. Онно биһиги Уһун £лөҥҥө олордохпутуна отордуу диэн кыстыкка баран иһэн, ыанньыксыттар биһиэхэ олохсуйаллара.
 
Уопсай хотон диэн баара. Биирдэ £лөөнө Друзьянова-Нуучча £лөөнө диэн чүөчэ ынаҕа ол омуһахха түһэн хаалбыта. Ону бу Ньукулай оҕонньордоох хостообуттара. ¥с күн сүтэрэн бары көрдөөбүппүт. Онтубут ол көһөрүллүбүт дьиэ омуһаҕар түһэн хаалбытын булан ылбыттара. Сиилэһин ситэ хостообокко аһаҕас сытыаралларыгар түспүтэ. Билигин да ол омуһах күрүөлэнэн-хаһааланан сиилэс угуллан туһалыы сытар. Улахан бэрэбинэттэн оҥоһуллубут омуһах этэ. Арааһа кээмэйэ 4х4 м буолар буолуохтаах. Ыстырыыһа бэрэбинэ. Ол иһин билиҥҥэ диэри тулуйар буоллаҕа. Онно: “Тиихэн бэрт сатабыллаах тутууһут буолан оҥоһугар хайдах туттубута көстө сылдьар” диэн кэпсэппиттэрин өйдөөн хаалбыппын. Ол да иһин туонаттан тахса ыйааһыннаах куолакалы таһаарарыгар бэйэтэ ураты сыарҕа оҥоһуннаҕа. Алта ылахтаах. Ол аата, туора алта сиринэн улахан баҕайы маһынан оҥоһуллубут курбуулааҕа үһү. Бэйэтин атыгар эбии киһиттэн өссө биир аты уларсан ол сыарҕатыгар хос көлүйэн, куолакалы тартаран таһаарбыт. Ити күүстээх киһибит Дыраан Сэмэн онно кумахха тимирэн хаалбыт куолакалы хостоон таһаарартан саҕалаан тиэйэн аҕаларга тиийэ көмөлөспүт. Дьаарбаҥ арыыта диэн ити Төхтүр анныгар баар сир.
 
Билигин Дыраан Сэмэн сыдьааннара бааллар. Кумахха күһүн кэлэн түспүт куолакал саас хам тоҥон хаалбыт. Эһэм кумаҕын ыраастаабыт, киһитэ сыарҕаҕа таһаарбыт.
 
***
 
Ол тиэйэ киириэн иннинэ баайдар мунньах оҥорбуттар. Ол мунньах сүнньэ “куолакал кэлбитин хайдах тиэйэн таһааран ыйыыбытый?” диэн эбитэ үһү. Оҕонньор хаһан, тугунан кыайан тиэйэн таһаарыай диэн сэнии санаабыттар. Ону баара, оҕонньор өлөрбүт ынаҕын этин тиэйэн, арыгы булан бу киһиэхэ кэлэн көрдөһөн тиэйбит. Онон ол киһи оҕонньорго көмөлөһөн, кыаҕын көрдөрөн үйэтиппит. Аны ол куолакалы үөһэ, акка тартаран таһааралларыгар кирис өтүүнэн өрөн оҥорбут быаларын туһаммыттар.
 
Аны, кириэс оҥорор. Сыыйыы тимирин барытын Бэстээхтэн ылар. Лампаарыкы диэн ааттаах сир баар. Оконешниковтар диэн ыаллар олорбуттара. Бастаан ол ыалга тимирин таспыт. Оҕо эрдэхпитинэ онно тахсан көрөр буолар этибит. Барыта сыыйыы тимир баар буолара. Ол тимир барыта сыарҕа ылаҕын курдук хаптаҕай буолара. Оннук тимиринэн бэрэбинэлэри туттартаабыт.
 
Таҥара дьиэтин тутуутугар бэйэтэ маастардаабыт. Бэрэбинэтин буларга баайдар дьоҥҥо нолуок түһэртээбиттэр. Биирдии ыалга үстүү бэрэбинэни булалларыгар сорудахтаабыттар. Онно түөрт улуус – Чурапчы, Таатта, Томпо Мэҥэ улуустарын нэһилиэктэриттэн кытта кыттыспыттар. Бэрэбинэ бүтэр уһуга, төрдө-төбөтө төһө суон буолуохтааҕын туһунан оҕонньорго кээмэйдээх эбит. Ону тута сылдьан саамай быстар төбөтүгэр тутан көрдөҕүнэ кээмэйэ тиийбэтэҕинэ “илдьэн уокка оттон кэбис” диэн ыытара үһү. Инньэ гынан биир тэҥ суоннаах бэрэбинэлэр таҥыллыбыттар. Уһуна алталыы миэтэрэ эбит. Олох көбүс-көнө. Чугастааҕы нэһилиэктэр бары сөбүлэһэн көмөлөспүттэр.
 
***
 
Ол таҥара дьиэтэ мин кырабар, сэрии саҕана, солко таҥаһа, түннүгүн сабыыта эҥинэ барыта ыйанан турара. Оччолорго 5-6-лаах уолбун. Киирэн көрөр этибит. Ойуулаах хоруоп баара. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, ол хоруопка сытан баран омуһахха уктара оонньуурбут. Хоруобу үөһэ турааччы оҕолор сабан кэбиһэллэрэ. Хойукка диэри баара. Кэлин ханна барбытын билбэппин.
 
Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолорбуттан билигин саамай бастыҥ табаарыһым Андросов Егор Егорович баар. Мин кинилиин наһаа үчүгэйдик 4-с кылааска диэри үөрэммиппит. Ийэтэ эрдэ өлөн хаалбыта. Вася диэн бырааттааҕа, Полина диэн балтылааҕа, Дуня диэн эдьиийдээҕэ, түөрт буолан тулаайах хаалбыттара. Онон кэлэ-бара сылдьыһар этибит.
 
Урут хамбаайын эҥин суох. Саас оҕонньоттор бурдугу быдараахха, мэһэмээҥҥэ, ыаҕыйаҕа кута сылдьан ытыстарынан ылан, сонуок түөрт өттүгэр туран түөрт оҕонньор ыһалларын өйдүүбүн. Ону дьэ тарааҕынан тараталлара. Кыра эрдэхпититтэн оннук үлэлээн-хамсаан сылдьыбыппыт. Аны күһүн үүммүтүн кэннэ от охсор массыынаҕа сидиэнньэ олордоллор. Биир өттүгэр үүттээх. Биир киһи онно олорон эрэ түүтэхтэри улахан баҕайы кыраабылынан хаһыйа олорор. Түүтэх буоллаҕын аайы атаҕын түһэрэн, кэннинэн анньан иһэр. Онно Адросов Гошалыын оҕуһунан сылдьыбыппыт. Иккиэн биирдии саха оҕуһун миинэрбит. Оччоттон табаарыстыыбыт.
 
Аһыыр аспыт наар кырыымчык, суох буолара. Бурдук саҥа үүнэн эрэр кэмэ. Бурдук итигэстиирбит. Көмньө сайылыкка ¥стүүн Дайыылаптаахха бурдук тардар таастара баара. Түүн онно хатаран тардарбыт. Көмньө сайылыкка 4-5 бурдук ыһар сир баара. Ити Арҕаа, Илин Көмньө диэн урут холкуос эрдэххэ бары сайылыы тахсар сирбит.
 
Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына, Сойуус саҕана, “Мэтээллээхтэр” диэн биһигини үөҕэллэрэ. ¥өҕүү оҕолоро буолар этибит. Били, ыраахтааҕыттан мэтээл ылбытын ол үөҕүү гыналлара. Ол иһин мин оччолорго кыбыстар этим. Оттон билигин “Мэтээллээх сиэнэ” диэтэхтэринэ, дьоруой курдук чынас гына түһэбин. Николай Филиппович Попов оруобуна отуччалаах киһи эбитэ үһү. 2 сыл үөрэммит уонна саамай билсэр дьоно эбит. Ол иһин Мэтээллээх туһунан туох да аһара элбэҕи сөҕөн кэпсиирин өйдүүбүн. 
 
Куорат чугаһа буолан, өстүөкүлэ бөҕөнү Дьокуускайтан булан таһааран олордубуттар. Лампаарыкыга табаарыстара баалларыгар кэлэ-бара сылдьан, ол сыыйыы тимирдэрин кытта, биллэн турар, өстүөкүлэтин эмиэ киниэхэ уура сытыаран баран, саас биирдэ ылбыт.
 
***
 
Эһэбит ааттаах үлэһит, үлэни кыайыгас оҕонньор эбитэ үһү. Мас кэртэҕинэ, бастакы олуга сиргэ кэлэн түһүөр диэри иккис олугар сүгэтэ түһэр сүрдээх тиэтэллээх туттуулаах киһи эбит. Онон Тиэтэллээх Тиэхээн дииллэрэ үһү мэтээлин ыла илигинэ.
 
***
 
Дьон билиҥҥэ диэри ол куолакал сырыытын туһунан кэпсииллэр. Олортон биирдэһэ: Куолакалы тиэйэн таһааран иһэн аһара ыарахан, туоннаттан тахса ыйааһыннаах тимир буоллаҕа, Чыаппараттан чугас Сыырдаах диэн сиргэ улахан сыыры таҥнары түһүүтүгэр куолакал сууллан оһоллуо, сыарҕаны алдьатыа диэн, улахан тиит мутугун утары хайыһыннаран, өсөһүннэрэн сыыры таҥнары түспүт. Ол хойуу мутуктаах улахан тиитэ билиҥҥэ диэри сытар дииллэр. Тырахтарыыстар суолтан туора эрэ анньан кэбиспит сурахтаахтар.
 
Константин Гаврильевич НАКАТОВ. http://www.kyym.ru - сайттан. "Кыым" №47 01.12.2016

Суруйда Baaska. 2017-05-11 22:09:18 +09.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ