Нам улууһугар киирэр Ойуун Ууһун нэһилиэгин туһунанараасномохтор бааллар.
- Бэрт былыр, нууччалар кэлиэхтэрин инниттэн ыла, Атамай ууһа диэн дьоннор олорбуттара эбитэ үһү. Ала диэн киһи элбэх оҕону ииттибит. 12 оҕоҕо тиийэ. Өлбүт дьон оҕолорун ылан ииттэр. Барыларыгар аат биэрэр. Ол курдук, үһүс уола куруук кыырар, ойууннуур. Онон Ойуун уол диэн ааттаабыт. Ойуун Ууһун аҕатын ууһун үөскэтээр диэбит. Киниттэн Ойуун Ууһа диэн бүтүн нэһилиэк үөскээбит.
- Атамай сиригэр билиҥҥи аата Дьөгүөр Эбэтэ диэн сир баар. Балыктаах күөллээх. Бэрт былыр икки уоллаах, ойохтоох тоҥус бэрдэ олорбут. Олус быһый, ытааччы эбиттэр. Дьөгүөр Эбэтигэр Тыгын Тойон иккитэ кыргыһа тахсасылдьыбыт… Үсүһүгэр Бүлүү уонна Дьөгүөр Эбэтин тоҥустара Сүбэ тэринэн, Тыгыны өлөрөөрү кини олоҕор киирбиттэр. Тыгын эрдэ билэн, сэрэнэн дьаарханар. Тыгын этитиилээх аптаах, илбистээх, сүлүһүннээх оҕу үөһэ ытан кэбиспит. Ол эргийэн түһүүтүгэрбиир бастыҥ ытааччы тоҥустарын төбөтүн оройун дьөлө түһэн, сонно тутатына өлөрбүт. Онтон куттанан тоҥустар хоту күрээбиттэр.
Ала оҕонньор (тууһут, булчут)
Атамай нэһилиэк былыргы төрүттэригэр Ала оҕонньор диэн кыргыһыылаах батыр киһи баара үһү.
Кини туора дьону өлөртөөн оҕолорун оҕо оҥостор идэлээх эбит.Ол курдук кырган кыайан, куттаан-былдьаан бэрт элбэх оҕону ииппит. Ол киһи билиҥҥи Атамай нэһилиэк сиригэр Куталаах, Быйаҥкыр диэн күөллэринэн олоро сылдьыбыт.
Ол күллэргэ хааһы дүлүҥ тыынан киирэн туулуур. Туутугар балык кииртин, киирэн тимир бэргэһэтигэр сүөкээн таһааран, үгүс оҕолорун балыгынан иитэн олорон, уон икки оҕолонор. Атамай, Көдөһү, Маймаҕа, Ойуун Ууһа нэһилиэктэри ууһатар.
«Кировскай» кинигэттэн (Горнай улууһун Аһымата). «Кыым» хаһыат 2017 сыл муус устар 6 күнэ.