Ис үөрэтин буһарыы хас да суол көрүҥнээх. Бастакыта: түөрт порция ис үөрэтин бэлэмниир буоллахха:
- 100 грамм үөс тардар,
- 100 грамм сүрэх,
- 100 грамм бүөр,
- 200 грамм харыҥ,
- 100 грамм быыһас,
- 100 грамм быар,
- 25 грамм бурдук
- Бэйэҕэ сөп буоларынан туус,
- 50 грамм тууһаммыт күөх луук бэлэмнэниллэр.
Үчүгэйдик ыраастаныллыбыт, сууйуллубут ис ити көрүҥнэрин биир тэҥ гына кырбаныллар. Көстөрүүҥкэҕэ тымныы 2 литр ууга бэлэмнэниллибит ис ити көрүҥнэрин кутан буһара ууруллар. Ис үөрэтэ оргуйан эрдэҕинэ үөһэ тахсыбыт төбүрэҕин холбуйуллар уонна туус кутуллар. Буһарыы 1,5-2 чаас устата барар. Оргуйбут миинтэн баһан ылан, сойбутун кэннэ сэлиэй оҥоһуллар уонна оргуйа турар мииҥҥэ кутуллар. Ис үөрэтин оргуйан бүтүүтүн саҕана бэлэмнэниллибит быары эбии кутуллар, лавровай лииһи уонна күөх луугу эбиллэр. Үөрэни итиилии тэриэлкэлэргэ кутан остуолга аҕалыллар.
И.И. Тарбахов "Эн остуолун сахалыы астара". Якутскай - 1991.