Ыраастаныллыбыт улары үчүгэйдик сууйан баран миэстэ-миэстэ эттэниллэр. Анал күөс миискэтигэр уу кутан буһара ууруллар. Буһарыы орто уокка ыытыллар.
Төбүрэх холбуйуллан иһиллиэхтээх. Буһарыы балтараа чаас устата барар. Буспут улар этин хоторон баран миинин сэлиэйдииллэр, эбэтэр бэйэ оҥорбут лапсатын кутуллар.
И.И. Тарбахов "Эн остуолун сахалыы астара". Якутскай - 1991.