- Биир порция үтэһэлээх эти буһарыыга
- 119 грамм сылгы куҥ этэ уонна
- 12 грамм эриэппэ луук бэлэмнэниллэр.
Тиэстэҕэ анаан:
- 300 грамм бурдук,
- Ыстакаан 1/3 үүт,
- 1/3 сымыыт,
- Туус.
Эти кыра өлүүгэ (40 грамм холобурдаах) гына кырбаныллар уонна эриэппэ луугу кытта холбоон биэрэстээн, туустаан, 3 бырыһыаннаах уксууһу ыһан эти 1-2 чаас сөрүүн сиргэ туруоруллар. Ити кэнниттэн үтэһэҕэ үөлэн баран оҥоһуллубут тиэстэҕэ уган ылаат, итии кулинарнай сыаҕа буһарыллар. Буһарыы процеһа алаадьыны буһарыы курдук барар. Итинник буһарыллыбыт эти остуолга үтэһэлэри кытта биэриэххэ сөп. Туустаах оҕурсуну, күөх гороҕу, соркуойдаммыт хортуоппуйу гарнирдыыр табыгастаах.
И.И.Тарбахов “Эн остуолун сахалыы астара”, “Якуткига”, 1991.