- 800 грамм ынах быара
- 2,5 ыстакаан үүт
- 100 грамм кулинарнай сыа
- 100 грамм бурдук
- Туус, биэрэс
Ынах быарын тас хаҕыттан араарыллар уонна чараас гына кырбаан баран сөрүүн сиргэ чаас аҥара үүккэ уган туруоруллар. Таһын бурдукка умньуугун уонна кулинарнай сыаҕа хобордооххо соркуойдуугун. Итинник соркуойдаммыт быары остуолга тута бэриллэр. Риһинэн эбэтэр гречканан гарнирдыахха сөп. Хортуоппуй пюрета гарнирыгар эмиэ табыгастаах. Бурдугар биэрэс, туус булкуйуллар.
И.И.Тарбахов “Эн остуолун сахалыы астара”, “Якуткига”, 1991.