Сахаҕа мүһэ биир күндүтүк сыаналанар бүлүүдэнэн биллэр. Мүһэҕэ тас уонна ис силиилээх муохтары ылаллар. Тас сото уҥуоҕун сүһүөҕүн эттээх гына араарыллар. Онтон ис силии уҥуоҕунтула өртүгэрэтин эмиэ тэҥҥэ быһыллар.
Мүһэни тымныы ууга сууйан баран оргуйа турар туустаах ууга буһарыллар. Сөпкө буспут мүһэ быһах төбөтүнэн астахха сырдык сүмэһин тахсыахтаах. Хоторон сойутуллар. Мүһэ этинэн күндүмсүйбэт, биһиги норуоппутугар кини сыаната силиитигэр буолар.
И.И.Тарбахов “Эн остуолун сахалыы астара”, “Якуткига”, 1991.