Доруобай убаһа этин халахытан буһарыыны биһиги сахалар ордук минньигэһиргээн сиибит. Биир порцияҕа 850 грамм убаһа куҥ этэ (үөлэр этэ), туус, биэрэс бэлэмнэниллэр. Убаһа этин сааһын хоту усталыы быһыллар.
Быһыы кэтитэ 6-7 сантиметр буолуохтаах. Быһыллыбыт эт уһуна 8 - 9 сантиметртан улааппата табыгастаах. Ити кырбаммыт эти анал тимир өтүйэнэн туспа иһиккэ бэлэмнэнилибит туустаах, биэрэстээх ууга уган ыла-ыла сынньыллар. Өтүйэнэн сынньар кэмҥэ эттэн арахсыбыт тас силгэлэрин хомуйан иһиллиэхтээх. Нэлэгэр чугуун холордооҕу үчүгэйдик кураанахтыы ититиллэр уонна итинник бэлэмнэниллибит эти халахытан буһараҕын. Буһарыллыбыт эти холордоохтон ылаат, остуолга соркуойдаммыт хортуоппуйтан гарнирдаан бэриллэр.
И.И.Тарбахов “Эн остуолун сахалыы астара”, “Якуткига”, 1991.