Ынах куҥ этин бэйэтин сүмэһинигэр буһардахха ордук минньигэс амтаннанар. Онно маннык састааптары сүбэлиибит:
- 800 г ынах куҥ этэ
- 25 грамм тууһаммыт күөх луук эбэтэр эриэппэ луук
- Бэйэҕэ сөп түбэһиннэрэн туус ылыллар.
25 - 30 грамм эти кырбаныллар уонна луугу, тууһу, биэрэһи холбонуллар. Ити кэнниттэн эти хобордооххо кутан хаппахтаныллар. Эт бэйэтиттэн тахсыбыт сүмэһинигэр үчүгэйдик, минньигэстик буһар. Буһарыллыбыт эти хортуоппуйу кытта бэриллэр.
И.И.Тарбахов “Эн остуолун сахалыы астара”, “Якуткига”, 1991.