.
|
|
Билигин сайтка 3 киһи баар |
БYГYН: Мүөттээх сиик түһэр. Сүмэһин таһаарар үүнээйи аһылыктаах үөн - көйүүр тиллэр, ыам кумаара түһэр. Сотору: 2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл. 4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр. 6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү. 8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах. 13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
| |
Билгэ
Күн Куйаарыма кинигэтинэн билгэ.
Билгэлэнэргэ биир киhи күҥҥэ биирдэ эрэ баттыахтаах, ол кэннэ утуу субуу хаста да баттаабытын аахсыллыбат, маҥнайгы эрэ сырыын дьиҥнээх буолар.
БИЛГЭЛЭН <--баттаа
|
|
Эмтэнии
Инсульт
Инсульт уонна мэйии хаанын кэһиллиитэ - бу биир өйдөбүл буолар. Сүрэх уонна мэйии бэрт синньигэс тымырдарын устун өлбөт мэҥэ уутун курдук хааммыт сүүрүгүрэрин тухары сүрэх тэбэр, мэйии үлэлиир.
Сиһилии
Эмтэнии
Үүнээйи арыыта уонна балык сыата
Үүнээйи арыыта киһи доруобуйатыгар туһалааҕын быһыытынан аһылык түөрт гыммыт биирин ылыахтаах. Учуонайдар этэллэринэн, үүнээйи арыытын оргуппакка бэйэтин туһанар ордук.
Сиһилии
Эмтэнии
Утуйуу
Киһи туохтан аанньа утуйбат буоларый Биричиинэтэ элбэх Олоххо көрсллэр санаа-оноо, соҕотохсуйуу, ыарахан олох, лэ-хамнас кыалҕата.
Сиһилии
Эмтэнии
Отоһут эмтиир ньымалара
Ньиэрбэ ыарыытын илии күүһүнэн имэрийэн, илбийэн, кымаахтаан, кыыл сыатынан оҕунуохтаан уонна алҕаан эмтииллэрэ.
Сиһилии
Эмтэнии
Доруобуйаҕын тупсарарга кыһан
Туохха барытыгар ситиһиилээх буоларга, конкуренцияны кыайарга, ол эбэтэр атын дьону өйгүнэн, кыаххынан баһыйарга, биллэн турар доруобуйа наада.
Сиһилии
|
|
^ Үөһээ DIV >
|
|
|