Ис-үөс уорганнара аһы иҥэрэр кыахтарын чөлүгэр түһэрэргэ эбиэс оргуйбут уута туһалыыр.
Эбиэһи сууйуллар, хатарыллар уонна мэлийиллэр. Ол кэнниттэн тиэрмэскэ икки остолобуой ньуоска мэлиллибит эбиэһи киилэ аҥаара итии ууга 3-4 чаас көөнньөрүллэр.
Маннык уу элбэх хаанын сүтэрбит төрөөбүт дьахтарга уонна эпэрээссийэ кэнниттэн үтүөрэр дьоҥҥо туһалаах.
Эбиэс уута төрөөбүт дьахтар үүтэ киирэригэр эмиэ көмөлөөх. Ону таһынан эмтэн аллергиялаах буоллахха, анемияҕа, саахар диабетыгар, куртах аһыыта намыһаҕар, тыҥа хроническай ыарыыларыгар, перильстатика кэһиллиитигэр туһаныахха сөп.
Эбиэс уута ис-үөс үлэтин чөлүгэр түһэрэргэ, иммунитеты күүһүрдэргэ үчүгэй эмп.
"Кыым" хаһыат. Тохсунньу 18 күнэ 2007 сыл