Былыргы сахалар инсуллаабыт киһини "оҕустарбыт", оттон ыарыыны "охсор ыарыы" дииллэрэ.
оҕустаран ыалдьыбыт киһини буорга көмөн эмтииллэрэ. Кэлин үтүөрэн эрдэҕинэ алҕаан, илбийэн эмтииллэрэ. Бу ыарыыны эмтииргэ дөлөһүөнү, бэс субатын, харыйа иннэтин тутталлара. Сүөһү өлөрөн, инчэҕэй сүөһү тириитинэн оботторуу диэн эмиэ баар буолара.
Ынах тылынан (пиявканан)эмтээһин. Ыарыһах кулгааҕын кэннигэр ынах тыла үөнү олордон хаанын оботтордоххо уонна иккикүнүбыһа фрукта согун эрэ иһэттэххэ, баралыыстаабыт киһи икки нэдиэлэнэн атаҕар турар диэн.
Ыарыһаҕы баралыыстаабатах илиитинэн хаанныахха уонна бааһын кытаанахтык бобо тутуохха. Инсульт кэнниттэн арыгы, сыалаах ас, саахар бобуллар.
Мэйии хаанын эргиирэ кэһиллиитигэр аата суох тарбаҕы тойон эрбэҕинэн ытыска баттанар, атын тарбхтар көҥүллүк сараччы бараллар.
"Бэйэбит эмтэниэҕин" "Кыым" хаһыаттан. 03.05.2012 сыл. Автора суруллубатах.