Минеральнай уу - сир аннынааҕы уу. Көннөрү ууттан сүрүн уратыта - химическэй састааптаах. Бу састаабынан көрөн минеральнай ууну хас да көрүҥҥэ араараллар:
- Столовай (1 л-гэ 1 г-тан элбэҕэ суох минераллаах). Киһиэхэ ханнык да дьайыыны оҥорбот. дистиллированнай уу курдук. Остолобуой минеральнай ууну иһэ олорон эһиги көннөрү ыраас ууну иһэр курдук сананыаххытын сөп.
- Лечебно - столовай (1 л-гэ 10 г-тан элбэҕэ суох минераллаах). Этикеткэтигэр ханнык ыарыылаах киһи иһэрэ ыйыллар. Бу ууну быраас эрэ сүбэтинэн иһиллэр.
- Лечебнэй (1 л-гэ 10 г-тан үөһэ минераллаах эбэтэр биологически - активнай микроэлеменнэринэн байытыллыбыт). Бу ууну ость.нь. быраас анаабытынан эрэ иһиллэр. Утаҕы ханнарарга иһэр бобуллар. Холобур, "Кармадон" уу бора элбэх, онон доруобай эр киһи кыаҕын сүтэриэн сөп.
Саха ыалын халандаара - 2012