- Түргэнник хаамыыга түөс туһаайыытынан ыарыы тииһигэ киирэн баран ойоҕосторунан уҥа-хаҥас уонна моойго, сыҥаахха тарҕанан барар буоллаҕына.
- Ыарыы баттаан эбэтэр хам тутан, түөһү ыга анньан киирэр буоллаҕына.
Итинник ыарыы аан бастаан түргэнник хаамыыга, сыыры дабайыыга, кирилиэһинэн үөһээ тахсыыга киириэн сөп. Ыарыы тииһигэ улахан буоллаҕына, ыарыһах тымныы көлөһүнэ тахсар, тыына хаайтарар. Ол гынан баран итинник ыарыы үлэҕин эбэтэр түргэн хаамыыгын тохтоттоххуна, бэрт түргэнник ааһыахтаах.
"Сүрэх тымырын кыарааһына тоҕо күүскэ үлэлээтэххэ биллэрий?" диэн ыйыттахха, үлэлээтэххэ сүрэх тэбиитэ элбиир, күүһүрэр. Сүрэх үлэтэ төһөнөн улаатар да, соччонон элбэх хааҥҥа наадыйар. Тымыр кыарааһыннаах буоллаҕына, күүстээх үлэ кыараабыт тымырынан сүрэх наадыйар сөптөөх хаана ааспат. Сүрэх былчыҥа кислородунан хааччыллыыта кэһиллэр.
Саха ыалын халандаара - 2012