.
|
|
Билигин сайтка 3 киһи баар |
Сотору: 1 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл. 3 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр. 5 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү. 7 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах. 12 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх. 13 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
| |
Билгэ
Күн Куйаарыма кинигэтинэн билгэ.
Билгэлэнэргэ биир киhи күҥҥэ биирдэ эрэ баттыахтаах, ол кэннэ утуу субуу хаста да баттаабытын аахсыллыбат, маҥнайгы эрэ сырыын дьиҥнээх буолар.
БИЛГЭЛЭН <--баттаа
|
|
Саха сирин төрүт олохтоохторун эмтэнэр ньымалара
- Аһаҕас бааһы (кыыл ытырыытыттан) эһэ эбэтэр ыт өрөһөтүн сыатынан баайаллар.
- Куртах ыарыытыгар эһэ үөһүн ууга эбэтэр испииргэ суурайан иһэллэр.
- сөтөлгө ыт эбэтэр эһэ сыатын уулларан иһэллэр (эр дьон тыһы эһэ сыатын,дьахталлар - атыырын сыатын).
- Хабах ыарыытыгар эһэ хатарыллыбыт сүөҕүн мэлийэн иһэллэр.
- Тиис ыарыытыгар ыалдьар тиискинэн эһэ тииһин ытыраҕын эбэтэр айаххар тутаҕын.
- Дьахтар түөһэ ыарыйдаҕына, эһэ тыҥырахтаах баппаҕайын уҥуоҕунан түөһүн тарбыыр.
- искэн таҕыстаҕына ууга суураллыбыт эһэ үөһүнэн сотоллор. Араас искэннэргэ киһи этин бүтүннүү эһэ сыатынан уонна үөһүнэн сотоллор.
- Атаҕын ууланар буоллаҕына,уллуҥахтарыгар эһэ түүтүн угаллар.
- Быһах бааһын эһэ сыатынан эмтииллэр.
- Ас барбат буолуутугар эһэ сыатын улахан ньуосканан сиэтэллэр эбэтэр эминньэх оннугар эһэ мөчөкө сыатын эмтэрэллэр.
- Сэллик ыарыыгаэһэ үөһэ ордук туһалаах, кыратык уулаан баран улахан ньуоскунан күҥҥэ үстэ 3-4 иһиллэр. Эр киһи - тыһы эһэ үөһүн, дьахтар - атыыр эһэ үөһүн. Маны сэргэ эһэ тыҥатын буһаран сииллэр. Сэлликтээх киһиэхэ эһэ сыатын иккитэ уулларан баран улахан ньуоскаттан саҕалаан чааскыга тиийэ күҥҥэ 2-3 иһэрдэллэр. Эһэ сыатын, этин, быарын, үөһүн эмп быһыытынан сииллэр.
- Иэдэс искэҥэр тас өттүнэн эһэ тылын туттан эмтэнэллэр.
Алексеев Василий Львович. "Кыраһа". Сэтинньи-ахсынньы ыйдар. 1994.
Суруйда Baaska. 2011-12-12 01:01:10 +10.
|
|
^ Үөһээ DIV >
|
|
|