- 200 г. сибиэһэй эбэтэр аһыйбыт үүт
- 100 г. оргуйбут уу
- 0,01 г. суода
- 260 г. үрүҥ бурдук
- 130 г. хара бурдук
- Туус.
Иһиккэ уу, үүт, туус, суода бииргэ ытыллар. Ытыйа-ытыйа кыралаан бурдук эбэн хойуу тиэстэ охсуллар. Ону күүскэ мэһийэн, төкүнүтэн баран хапахтаах иһиккэ 15-20 мүнүүтэ туруоруллар. Онтон тиэстэни 1,5 см халыҥнаах төкүнүк эбэтэр түөрт муннук гына тэнитэн (буһарар формаҕыттан уонна ньымаҕыттан тутулуктаах) лэппиэскэлэри оҥорон баран үрдүн үүтүнэн эбэтэр сүөгэйинэн сотуллар, биилкэнэн тэһитэ кэйиллэр. Хобордооххо, формаҕа ууран оһоххо 20-25 мүнүүтэ устата орто уокка буһарыллар.
Сойбут лэппиэскэни остуолга сүөгэйи, ууллубут арыыны, күөрчэҕи, көбүөрү, чохоону, хаһаны кытта ууруохха сөп.
Халандаар 2006