Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 2 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
         
    

Билгэ

Хатааһыннаах саас буоларыгар

Дьөгүөрэйэп күн (ыам ыйын 6 күнэ) тымныы буолар

Дьэбдьэкиэйэп күн (кулун тутар  14 күнэ) хотуттан, арҕааттан тыалырар, хаар түһэр.

Сиһилии


Билгэ

Компьютерынан билгэ

WORD-ка билгэ...

Маннык билгэлииргэ өйгөр түспүт уолаттар/эр дьон (кыргыттар/дьахталлар) ааттарын түбэһиэх суруйталыыгын, ол кэннэ хараххын симэн баран аҕыйах сөкүүндэ "кутуйаҕынан" хамсатаҕын уонна хараххын арыйан көрөҕүн - курсор стрелката хайа ааты ыйан турара ол эн аналлааҕын аата буолар.

Сиһилии


Билгэ

Аныгы билгэ

Түннүктэр уоттарынан билгэ

Бу билгэ таһырдьа оҥоһуллар. Хас да дьиэ бииргэ турар сирин талаҕыт, ол кэннэ хараххытын симэн баран баҕа санааҕытын этэҕит уонна хаста да эргийэн ылаҕыт. Онтон хараххытын арыйан баран утары турар дьиэҕэ хас туоттаах турарын ааҕаҕыт. Уоттаах түннүк ахсаана четнай буоллаҕына баҕа санааҕыт туолар, суох буоллаҕына - туолбат.

Сиһилии


Билгэ

Сулустар тугу кэпсииллэрий? (Зодиактарынан 2013 сыл)

Хой

Хой сулуһун анныгар төрөөбүт дьоҥҥо куһаҕана суох сыл иһэр. Олох бары эйгэтигэр кыра кыралаан ситиһиилэниэн. Үлэҕэр-үөрэххэр үрдүүр кэскиллээххин, барыта санаа хоту баран иһиэ.

Эһиил таптал чааһыгар ордук табыллыан. Ол курдук 2013 сылга соҕотох сылдьар үгүс хой ыал буолуо., үйэлээх сыһыаны олохтуо.

Эйигин төһө даҕаны туох да долгуппат курдук буолбутун иһин, бу сыл доруобуйаҕын үчүгэйдик көрүн (чуолаан бэс, от уонна атырдьах ыйдарыгар). Туох барыта доуробуйаттан тутулуктааҕын умнума.

Сиһилии


Билгэ

2013 сылга сылларынан илиҥҥи гороскоп

Дракон

(1952, 1964, 1976, 1988, 2000, 2012)

2012 сылга саҕалаабыт дьыалан санаан хоту табыллыыһы. Ат арҕаһыгар эрэллээхтик олорсуу диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ. Ол да буоллар олус нөҥүөлээн, сэрэхтээх дьыаланан үлүһүйүмэ. Онтон туох да туһа кэлиэ суоҕа. Тутуспут хайысхаҕынан баран ис. Таптал, сырдык иэйии аргыстаһар сыла. ымсыырдар, алыптаах түгэн элбэх буолсу, сиэр иһинэн дьаһан. Моҕой обургу мүччүргэннээх сырыыны астынар, ол эрээри акаары быһыыны сөбүлээбэт. Доруобуйан олус бэрт. Үбү-харчыны кыайа-хото киллэриэн. Быһата үтүөкэн сыл.

Баҕан хоту олорор сиргин уларытар, сөптөөх дьиэ-уот булунар кыахтанаҕын. Даача, массыына да атыылас - көҥүлүн. Сүрүнэ, албыҥҥа киирэн биэримэ.кэргэннээх, таптыыр киһилээх буоллаххына, дьол чыпчаала - эһиэнэ.

Дьиэ кэргэҥҥэр болҕомтолоох буол.

Олоҕун аргыһын көрсө илик буоллаххына, быйыл табыллар кыах улахан. Мүччү эрэ тутума. Оччоҕо дьоллоох олох күүтэр.

Сиһилии


    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ