Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 5 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
         
    

Билгэ

Этэрбэс хаамтарыы (таҥха оонньуута)

Туруорбах балаҕан эбэтэр ураһа ортоку оронуттан аан айаҕар диэри этэрбэһи атаҕын төбөтүнэн уонна тилэҕинэн эргитэ тутан хаамтараллар.

Сиһилии


Билгэ

Таҥха ыйа

Тоһуттар томороон тымныылаах тохсунньу ый сахаларга урут уруккаттан туох эрэ дьикти, ураты, таайтарыылаах кэм. Саха киһитэ бу ыйы "таҥха ыйа, дьыл оройо" диирэ, оттон тохсунньу 7 күнүттэн 19-гар диэри таҥха кэмэ диэн буолара.

Сиһилии


Билгэ

Тыал арааһа

  • Олунньу саҕаланыытыгар - көмнөх түһэрэр тыал.
  • Кулун тутар бастакытыгар - холлоҕос көтүтэр тыал
  • Кулун тутар ортотугар - сыыс хастыыр.
  • Кулун тутар бүтэһигэр - суол томтойуута тыал.

Сиһилии


Билгэ

Саха ыйдара

Сахалар ыйы халлаан ыйынан быһаараллар. 28 хонуктаах, онон сахаларга сыл 13 ыйдаах:

Сиһилии


Билгэ

Сүрүн уларыйыылар

  • Туллук кэлиитэ - кулун тутар 18 күнэ.
  • Тураах кэлиитэ - муус устар 14 күнэ.
  • Моҕотой тахсыыта - муус устар 20 күнэ.

Сиһилии


    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ