.
|
|
Билигин сайтка 5 киһи баар |
Сотору: 2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл. 4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр. 6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү. 8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах. 13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
| |
Билгэ
Күн Куйаарыма кинигэтинэн билгэ.
Билгэлэнэргэ биир киhи күҥҥэ биирдэ эрэ баттыахтаах, ол кэннэ утуу субуу хаста да баттаабытын аахсыллыбат, маҥнайгы эрэ сырыын дьиҥнээх буолар.
БИЛГЭЛЭН <--баттаа
|
|
Былыт арааһа
- Уулаах былыт - халлааны бүрйэ тахсар хара самыыр былыта.
- Хоҥурах (оһуу) былыт - улахан логлоруттаҕас былыт.
- Ньалака былыт - чараас, күдээрэн көстөр, ардаҕа суох былыт.
- Дьайҕа былыт - халлааны бүрүйэр чаоаас, ардаҕа суох былыт.
- Итир былыт - чараас, кураан былыта.
- Тыал былыта - үрүҥ, логлоруттаҕас былыт.
- Босхо былыт - этиҥнээх, ардахтаах былыт.
- Хараан былыт - хараҥа, ардах түспэт, бырдах түһэр былыта.
- От үүнэр - бүтэй, хараҥатыҥы, күн көстүбэт бывлыттаах куйаас күн.
Суруйда Baaska. 2011-12-06 16:04:31 +10.
|
|
^ Үөһээ DIV >
|
|
|