Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 2 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: Курупааскы, улар охсуута саҕаланар.
Сотору:
1 күнүнэн: 21.04.2025 Күн көрдөҕүнэ, сайына ичигэс, былыттаах күн сайына куһаҕан.
3 күнүнэн: 23.04.2025 Паасха. Чуумпу сылаас түүн буоллаҕына сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
4 күнүнэн: 24.04.2025 Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан.
7 күнүнэн: 27.04.2025 Республика күнэ
11 күнүнэн: 01.05.2025 Маай бырааhынньыга.
         
    

Сулустар тугу кэпсииллэрий? (Зодиактарынан 2013 сыл)

Хой

Хой сулуһун анныгар төрөөбүт дьоҥҥо куһаҕана суох сыл иһэр. Олох бары эйгэтигэр кыра кыралаан ситиһиилэниэн. Үлэҕэр-үөрэххэр үрдүүр кэскиллээххин, барыта санаа хоту баран иһиэ.

Эһиил таптал чааһыгар ордук табыллыан. Ол курдук 2013 сылга соҕотох сылдьар үгүс хой ыал буолуо., үйэлээх сыһыаны олохтуо.

Эйигин төһө даҕаны туох да долгуппат курдук буолбутун иһин, бу сыл доруобуйаҕын үчүгэйдик көрүн (чуолаан бэс, от уонна атырдьах ыйдарыгар). Туох барыта доуробуйаттан тутулуктааҕын умнума.

Оҕус

Оҕус саамай тулуурдаах. Бу да сырыыга эн ити үтүө хаачыстыбаҕын сөпкө туһаннаххына, үгүһү ситиһиэххин сөп. Сыл бастакы аҥарыгар сүрүн болҕомтону үлэҕэр уур. айар-тутар дьоҕурун арыллыа. Ол үтүө түмүгэ сыл бүтүүтүгэр хайаан да бэлиэтэниэ.

Оҕус бэлиэлээхтэр, эһиил төһө кыалларынан ыраах айаҥҥа сылдьа сатааман. Ыраах айан илистиилээх уонна сылаалаах буолан, күүскүтүн сэниэҕитин барыаҕа. үүнэр сыл биир үөрүүлээх сонуна - эн дьиэ кэргэҥҥэр эбэтэр  чугас дьоҥҥор эбиллии баар буолуо.

 

Игирэлэр

Үлэн-хамнаһын былырыыҥҥытааҕар бэркэ баран иһэр. Тэтимҥин быйыл да ыһыктыан суоҕа. 2013 сыл бэйэ дьыалатын  тэринэргэ, эбэтэр дьыалаҕын өссө хаҥатан биэрэргэ олус табыгастаах. Бэс ыйыгар туора дьонтон сылтаан үлэҕэр кыра харгыстар күөрэйэн кэлиэхтэрин сөп. ол гынан баран, "кырдьык" эн девиһин.

Игирэлэр, сылы быһа таптал ухханыгар сылдьыаххыт.  Үгүс сулумах киһи олоҕун бир бэлиэ, суолталаах хардыытын оҥорон - ыал буолуо. Оттон сүрэхтэрин аҥаарын номнуо көрсүбүт дьон, тапталгыт өссө сириэдийиэ.

Кэлэр сылга доруобуйаҕытын көрүнэ сылдьын. Аска-үөлгэ болҕомтолоох буолун. Күүс-күдэх кыайбат дьыалатын  ылыман.

 

Араак

Былырыын саҕалаабыт дьыалаҕыт түмүктэнэр кэмэ дьэ кэллэ. Онтон үтүө сүрэххитинэн ылыммыт дьыалаҕыт үчүгэй түмүгэ суох буолуон сатаммат. Саамай сүрүнэ - билбэт, туора киһигитин сүбэһит оҥостуман.

Моҕой сыла араактарга таптал чааһыгар туох да саҥаны. уратыны аҕалыа суоҕа. Арай туппуккутун ыһыктыман. саҥа сыһыаны саҕалыырга тиэтэйимэн.

Эһиил дьиэ-уот, өрөмүөн үлэтэ барыта табыллыаҕа. Саҥа дьиэҕэ да киириэххин  сөп. Ол инниттэн сыл бастакы аҥаарыгар харчыгын толкуйдаан тутун, туора - маары ыһыма. Ылбыт дьон төнүннэримиэхтэрин, албынныахтарын сөп.

Чугас дьоҥҥор болҕомтолоохтук, харыстабыллаахтык сыһыаннас.

 

Хахай

Былаан бөҕөлөөх эбиккин. Ол гынан баран барытын олоххо киллэрэ охсорго тиэтэйимэ. Өссө төгүл толкуйдаан, ыраҥалаан көр уонна сыл иккис аҥаарыттан саҕалаа. Чугас дьоҥҥуттан сүбэ-соргу көрдүүргүн умнума. Кинилэр хайаатар даҕаны саҥа идиэйэни этиэхтэрэ..

Быйыл таптал чааһыгар уустуктары көрсүөн. Ол төрүөтэ эн кимиэхэ да бас бэриммэт майгын. Онон майгыгын көрүн, тулалыыр доҥҥор сыһыаҥҥын сымнат. Ол бэйэҕэр үс бүк үчүгэйинэн эргийэн кэлиэҕэ.

Үлэҕэр саҥа саҕахтар арыллыахтара. Үрдүүр, кэлэр-барар чинчилээххин. Онтон аккаастаныма.

2013 сылга доруобуйаҕар туох да суоһаабат. Ол дабуоллар барыта бэйэҕиттэн тутулуктааҕын умнума.

 

Кыыс

Моҕой сылыгар соһуччу бэлэх элбэх буолуо. Эн төһө да сэмэй буолбутун иһин, түбүктээх үлэҕин таба көрөн сыаналыыр дьон баар буолуохтара. Оттон ол - үлэҕэр үрдүүр суол.

Таптал чааһыгар кыра иирсээн тахса сылдьыан сөп. ол эрээри, манна туора киһини орооһуннарбатаххытына, барыта орун оннугар түһэн иһиэ.

Кыыс сылыгар төрөөбүт дьон, быйыл айаҥҥа - сырыыга табыллыаххыт. ол гынан баран, үгэс быһыытынан,  сиэри-туому тутуһа сылдьыҥ. Улаханнык айдаарар, ону - маны тыллаһар сатаммат.

Доруобуйа, атыы-тутуу уонна үп боппуруоһа быйыл хаһааҥҥытааҕар да табыллыа.

 

Ыйааһын

Саҥа сыл бастакы аҥаара уустук соҕустук ааһыан сөп. Ол гынан баран, чугас дьоннооххун хаһан да, ханна да буолларгын мнума. Күүс-көмө, тирэх буолар дьон-кинилэр. Аһара санаарҕаатаххына, барытынолус чугастык ылыннаххына, доруобуйаҕар охсуулаах буолуон сөп. Онон, нм-нум буолан баран, хайаан даҕаны ыраастан, арчылан.

Сыл иккис аҥаарыгар барыта орун оннугар түһэн барыа. Соһуччу туох эрэ дьыала, үлэ көстөн, үгүөрү соҕус  үбү киллэриэн сөп. Таптал даҕаны эйигин тумнуо суоҕа. Атырдьах ыйа уонна балаҕан ыйа саҥа- истиҥ сыһыан үөскүүрүгэр саамай тоҕоостоох кэм. Оттон кэргэннээх дьон, аҥааргытыгар туох эрэ соһуччу бэлэхтэ оҥорон доҕоргутун үөрдүн.

 

Скорпион

Бу сыл хайаан да уустук быһыыттан-майгыттан тахсар суол көстүө. Атас- доҕор төһө да элбэҕин иһин, бэйэҕин соҕотох курдук сананаҕын.  ол гынан баран итинник албын санааҕа бэринэр сатаммат. Олоҕу баарбалаһыанньаны, түгэни таба сыаналаан оҥостор ордук. Оччоҕуна саҥа саҕахтар арыллан иһиэхтэрэ.

2013 сыл - таптал таабырынын арыйар сыл. Ол инниттэн дьиэ ис иирсээнин (мөккүөрүн) быһаарыаххын наада. Барытын быһаарыаҥ - или-эйэни, дьиҥнээх тапталы олохтуон.

Скорпионнар быйыл биир күдьүс олохтон түргэнник сылайыахтарын сөп. Ол иһин хайаан даҕаны күннээҕи түбүктэн аралдьыйыахха, ханна эрэ саҥа, солун сиргэ баран сынньанан кэлиэххэ сөп.

 

Охчут

Хас эмит сылы быһа иитиэхтии сылдьыбыт, ол эрэн туолбатах баҕа санааларын, саҥа идиэйэлэрин олоххо киирэр кэмнэрэ дьэ кэлбит. Онтун кыра кыралаан үп киллэрэн барыа, саҥа аартыктары арыйыа.

Быйыл тылгытын-өскүтүн болҕойун. Алҕас айахтаппыккыт, сыыһа саҥарбыккыт тыалынан киирэн баран, холоругунан тахсыан сөп. Бу таптал чааһыгар эмиэ сыһыаннаах. Аҥааргытын хомотуоххутун, кэлэтиэххитин сөп. Ол да буоллар, кулун тутар уонна муус устар - дьиҥнээх таптал ыйа.

Доруобуйаҕыт чөл буоларын туһугар:ньиэрбинэйдээмэн, итирдэр утаҕы иһимэн, элбэхтэ айылҕаҕа, сиргэ-уокка сылдьын.

 

Чубуку

Быйыл эн кистэлэн дьоҕурун арыллар сыла. Ол инниттэн бэйэҕэр тугу да аккаастаама. Барытыгар холонон, боруобалаан көр. Онтон сөптөөх суолу сүрэҕин бэйэтэ ыйыаҕа. Үлэ-үөрэх да чааһа наһаа куһаҕана суох. Бэс уонна от ыйдарыгар кыратык сылаарҕаан, сүрэҕэлдьээн ылыаххын сөп. Ол гынан баран, кэмигэр сынньаннаххына, онтун ааһыа. Үлэн өссө таһаарыылаах, көөдьүүстээх буолуо. Бириэмийэ тутуон.

Эн өһөс майгын тапталлааххын кытта сыһыаҥҥын буортулаабатын туһугар бэйэҕин тардына соҕус тутун. Бэйэн элбэҕи кэпсээмэ,ол оннугар дьону истэ үөрэн. Өһөс майгын доруобуйаҕын көннөрүнэргэр туһалыа.

 

Күрүлгэн

Күрүлгэннэр, быйыл олох бары эйгэтигэр кимнээҕэр да ордук табыллыаххыт. Үлэттэн-үөрэхтэн үөрүүгүт-көтүүгүт үксүүһү. Үп-харчы да баар буолуо. Ол гынан баран кими да албынныы-түөкэйдии, үктэтэ сатааман. Онтун кэлин биллэн аатын-суолун бара.

Күһүөрү урукку, былыргы дьарҕан өбөн, доруобуйан кыратык айгыраан ылыан сөп. онон дьарҕаны көбүтэр олус арыылааҕы-сыалааҕы аһыыртан, аһыы утаҕы иһэртэн туттун. Ол оннугар эккин-хааҥҥын эрчий.

Тапталлааххын кытта сыһыанын быйыл олус тупсуо. Саҥа холбоспут дьон курдук олоруоххут. Оттон сүрэхтэрин аҥарын көрсө илик дьон, быйыл, дьэ табыллыаххыт.

 

Балыктар

Балыктар быйыл хаһааҥҥытааҕар да атыыга-тутууга, эргиэҥҥэ-урбааҥҥа табыллыаххыт. Ол эрэн манна бэйэ эрэ кыаҕар эрэнэр отой сатаммат. Тугу эмэ саҕалыаххыт, харчыны туттуоххут иннинэ хайаан да эрэнэр киһигитин кытта сүбэлэһин, былааннаан. Инньэ гымматахха - кураанаҕы кууһуохха сөп.

моҕой сыла дьиэ кэргэн олоҕун оҥосторго, уруккуну-хойуккуну умнан саҥалыы олорорго олус табыгастаах.Биллэн турар, барыта санаа хоту баран иһиэ суоҕа эрээри, тулуурдаах уонна бэйэ бэйэни өйөһөр-өйдөһөр буоллахха хайаан да үтүө түмүктээх буолуо.

Быйыл эн доруобуйаҕар улахан туох да суоһаабат. Ол да буоллар "суоһаабат" диэн баран ыһыктынан кэбиһимэн.

"Кыым" хаһыаттан. 2012 сыл ахсынньы 20 күнэ.

Суруйда Baaska. 2012-12-21 20:26:15 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ