Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 3 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: Курупааскы, улар охсуута саҕаланар.
Сотору:
1 күнүнэн: 21.04.2025 Күн көрдөҕүнэ, сайына ичигэс, былыттаах күн сайына куһаҕан.
3 күнүнэн: 23.04.2025 Паасха. Чуумпу сылаас түүн буоллаҕына сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
4 күнүнэн: 24.04.2025 Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан.
7 күнүнэн: 27.04.2025 Республика күнэ
11 күнүнэн: 01.05.2025 Маай бырааhынньыга.
         
    

2013 сылга сылларынан илиҥҥи гороскоп

Дракон

(1952, 1964, 1976, 1988, 2000, 2012)

2012 сылга саҕалаабыт дьыалан санаан хоту табыллыыһы. Ат арҕаһыгар эрэллээхтик олорсуу диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ. Ол да буоллар олус нөҥүөлээн, сэрэхтээх дьыаланан үлүһүйүмэ. Онтон туох да туһа кэлиэ суоҕа. Тутуспут хайысхаҕынан баран ис. Таптал, сырдык иэйии аргыстаһар сыла. ымсыырдар, алыптаах түгэн элбэх буолсу, сиэр иһинэн дьаһан. Моҕой обургу мүччүргэннээх сырыыны астынар, ол эрээри акаары быһыыны сөбүлээбэт. Доруобуйан олус бэрт. Үбү-харчыны кыайа-хото киллэриэн. Быһата үтүөкэн сыл.

Баҕан хоту олорор сиргин уларытар, сөптөөх дьиэ-уот булунар кыахтанаҕын. Даача, массыына да атыылас - көҥүлүн. Сүрүнэ, албыҥҥа киирэн биэримэ.кэргэннээх, таптыыр киһилээх буоллаххына, дьол чыпчаала - эһиэнэ.

Дьиэ кэргэҥҥэр болҕомтолоох буол.

Олоҕун аргыһын көрсө илик буоллаххына, быйыл табыллар кыах улахан. Мүччү эрэ тутума. Оччоҕо дьоллоох олох күүтэр.

Куруолук

(1951, 1963, 1975, 1987, 1999, 2011)

Эһиэхэ холку сыл үүммүт. Бэйэни сайыннарыаххын наада. Сороххо үлэ эрэ буолбакка, ончу атын хайысхаҕа  көһөр өй-санаа киирииһи. Саҥа доҕоттору, сонун дьарыгы, биир санаалаахтары холкутук булуон. Таптал да оһуобай. Чуолаан сүрэхтэрин холбообуттара ырааппыт дьоҥҥо. кинилэргэ "таптал иккис тыына" уһуктуо. Байан-тайан да барбатаргыт, сөбүгэр үптээх буолуоххут. Хайа да хайысхаҕа (Үпкэ-харчыга,саҥа дьоннуун билсиигэ, тапталга, доруобуйаҕа) ситиһии эҥэрдээх сылдьыаххыт. Ордугурҕааччы баар буоллаҕына, долгуйуман. Урут күрэстэһэ сылдьыбыт дьонун, төттөрүтүн, чугасаһа, бииргэлэһэ сатыахтара. аккаастаныма. Ыал дьону үүт тураан дьоллоох олох күүтэр. соҕотох киһи аналын булунарыгар үтүө сыл. Сыл ортотугар эйиигин толору дьоллуур тапталлаах доҕор көрсүөн сөп. Доҕор-атас да элбэх буолуо.

 

Баабыр

(1950, 1962, 1974, 1986, 1998, 2010)

Эйигин ырыа аргыстаах олох күүтэр диир кыаллыбат. Дьиктитэ диэн, дуоннаах төрүөт суоҕун үрдүнэн, туохтан эрэсанаан тымтан, кыыл хаанын киллэринэн, наар дьону үөрэтэ-такайа сатыы сылдьыыһыгын. Дьиҥинэн, бэйэ бодотун тардына сырыттахха, туох да моһол бу сылга күүппэт. Үлэн уруккутунан баран иһиэ, харчын кыралаан эбиллиэ. Сүрүнэ: холкутуй, доруобуйаҕын харыстанасырыт. Үлэҕитигэр табыллыаххыт, барыта санааҕыт хоту буолуо.  Сонун санаа эйиэхэ элбэх. Олус билинэн, атыттары ыйан-кэрдэн барыма: ким да сөбүлүө суоҕа. өйдөспөт буолуу итинтэн тахсарын өйдөө. Үлэни тутустаххына, быдан элбэҕи ситиһиэн, дьон ытыктабылын ылыан.

Сылайбыккын биллэххинэ, айылҕаҕа сынньан, баҕар, соҕуруу айаннаа. Биири өйдөө: ыарыы - дьаҥ туохтан да астыммат, санаарҕабыл санааттан үөскүүр. Киэр илгэн ис.

 

Оҕус

(1949, 1961, 1973, 1985, 1997, 2009)

Үлэһит оҕус карьерата үрдүүрүгэр, үбү-харчыны оҥосторугар моҕой көмөлөһүө. Дьиэ кэргэҥҥэр, уруугар-аймаххар сыалыһар быарыныы сымнаа. Саҥа дьиэлэнэр эбэтэр атын да хамсаабат хапытаалланар түгэн тосхойууһу. үлэн таһаарыылаах буолуо. кыратык да кыһалла түстэххинэ ситиһиилэниэн. Үөрэ-көтө үлэлиэн. салалтан сыһыана тупсуо. Бэйэн биисинэстэннэххинэ, дьыалан табыллыыһы. Барыстаах кэпсэтиини ыыппытын кэнэҕэс да туһалыа. Дьиэ оҥосторго тоҕоостоох сыл.

Эбэтэр баары өрөмүөннэниэххин сөп. Тапталлааҕын итэҕэһин-быһаҕаһын була сатыы сатыы аалыма. Этиһиини күөртээмэ. Соҕотох оҕус тапталын көрсүөн сөп. Ол туһугар үчүгэйдик кыһаллыан наада. НьСылдьыа эбээтНь диэмэ. Куоттарар куттал баар.

Доруобуйан  оннук биир тэҥ буолбатах. Эбэтэр туйгун эбэтэр мөлтөһүөр. Санааҕа баттаппат, доруобуйаҕын айгыраппат туһугар харыстан. оччотугар туимуу да ылыа суоҕа. Спордунан дьарыктан.

 

Күтэр

(1948, 1960, 1972, 1984, 1996, 2008.)

Урукку ситиһиигин энчирэппэт туһугар кыһан. тапталлааххын кытары өйдөспөт түгэн күөрэйдэҕинэ, дириҥэппэккэ эйэргэһиигэ кубулутар буол.

Сыһыаҥҥын харыстаа. Саҥа киһини кытта ыал буоларга тиэтэйимэ, ол эрээри тэйитимэ. Доруобуйаҕын хонтуруоллан, спордунан дьарыктан. Куһаҕан дьаллыктаах буоллаххына, аккаастана сатаа. Сынньанарга үтүө сыл. сэрэхтээх түргэн айантан, экстримтэн туттун. Олоххор кыра дауларытыыны киллэримэ. Ситиспиккин харыстаа, оччоҕо моҕой үтүө  көрүүтүгэр киириэн. Доҕотторун өйүү сатыахтара да, онно олус эрэҥкэдийимэ. Төһө да баҕарбыттарын иһин, моҕой сылыгар толору көмүскүүр кыахтара суох. Холобур, эрдэ боруобалаабатах хайысхаҕын тутуһа сатаама. Туһата кыра буолар чинчилээх.

Быйыл сир уларытар уонна ыал буолар санааны бакаа  чугаһатыма. Ол кэриэтэ кэлэр сылга хаһаан. Барыта үчүгэй буолуо, биир сыл биллибэккэ ааһыа.

 

Сибиинньэ

(1947, 1959, 1971, 1983, 1995, 2007)

Үп-харчы табыллар. Биисинэстэниэххин сөп. Баар буоллаҕына, хаҥатар кыахтааххын. Үлэлэһиэн баҕалаахтарга аккаастаама. Күүс-уох, үлэлиир баҕа улахан. Атын киһиэхэ үлэлиир буоллаххына, хамнаскын улаатыннарар, карьераҕын үрдэтэр туһунан кыбыстыбакка туруорус. Салалтан утарса барыа суоҕа, оччолооҕу киллэрэҕин. Сонун идиэйэ элбэх. Доруобуйан куһаҕана суох. Ол оннугар иэйиигэ, сыһыаҥҥа сэрэхтээх сыл. Биир алҕас саҥан элбэҕи буортулуон сөп. Үлэҕэр, тапталгар, дьону кытта да сыһыаҥҥар.

Бакаа сир уларытар туһунан санаама, сүрүн кыаххын үлэҕэ туһаай. Моҕой үлэҕэ дьулууру биһириир, өйүө. Күнүүлээн, күнүүлэтэ сатаан, таптал ултунан оонньоомо: киһигин өссө ыраах тэйитиэн. Үлэ төһө да үгүһүн иһин, дьиэ кэргэҥҥэр болҕомто эмиэ наада. Оттон кэргэнэ, тапталлааҕа суох буоллаххына, быйыл аналгын көрсөр кыаҕын улахан. Маныаха тутуһар бириинсипкин, олоххо тус көрүүүн уларыттаххына эрэ үйэлээх сыһыан, ыал буолуу кыаллар.  Быйыл ыал буолбут сибиинньэлэр тапталлара бөҕө буолар, дьоллоохтук олорор кыахтаахтар.

 

Ыт

(1946, 1958, 1970, 1982, 1994, 2006)

Бу сыл эһиэхэ улахан уларыйыы тахсыбат. Олоххут дьаалытынан устан иһиэ. "Чуумпутук айанныан - элбэҕи ситиһиэн" диэн этии быйыл тоҕоостоох. Кэлэр сылга ситиһиигэ бигэ олугу уурар инниттэн үлэҕэр кыһан. Бэйэҕин сайыннар: кууруска сырыт, үөрэҕи үрдэтэр туһунан толкуйдаа, баҕар, кэнэҕэһин массыыналанар санаалаах буоллаххына, быраап биэрэр үөрэххэ суруйтар. Бу барыта кэлэр 2014 ситиһиилэргэр көмөлөһүө. Дьиэ кэргэҥҥэ үүт тураан олох  сатыылыа. Ыал буолан эрэр буоллаххытына үчүгэй. табыллан олоруоххут. Онтон тапталларын көрсө иликтэр быйыл билсибит киһигит дьиҥ аналлааххыт буолара саарбах соҕус. Оттон үлэ таһымынан сонун, саҥа билсиһиилэр дьыалаҕа туһалаах буолуохтара. Дьиэ кэргэҥҥэ сыһыаннаах улахан атыы-тутуу буолара билиҥҥитэ  көстүбэт. Доруобуйа туйгун. Быйыл уруу тэринээччилэргэ Моҕой ончу мэһэйдиэ суоҕа. Уруу-Аймах,  доҕор-атас дьонун үтүө өйдөбүллээх хаалалларын курдук, астыктык тэий. Холку сыл үүммүччэ, үчүгэйдик сынньанарын, күүскүн - уоххун эбинэрин туһалаах.

 

Бөтүүк

(1945, 1957, 1969, 1981, 1993, 2005)

чуҥкуйбат сыл үүннэ. Быһата, бары эйгэҕэ ситиһиилээх сыл иһэр. Бэйэн дакиирэр-тахсар араас суолу тобулууга күүскэ үлэлиэн. Ол түмүгэр биисинэс-былаан чахчы ырыҥалаан оҥоһуллубут түгэнигэр бастакы дивиденин уһаппакка бу сылтан киирбитинэн барыаҕа. Оттон билбэт эйгэҕэр көтүмэх, ситэ толкуйдамматах былааннаах кииристэххинэ, туох кэлээхтиэй, кураанаҕы кууһуоххун эмиэ сөп. Үлэн сыаналанан,  дохуотун улаатыыһы. Тулалыыр дьонун эйиигин хайа да түгэҥҥэ өйүөхтэрэ. Эт-хаан туруга, күүс-уох да  баһырхай. Саҥа дьиэҕэ киирэр кыах улахан. Үпкүт-аскыт күннээҕи наадыйыыга холкутук тиийиэҕэ. Оҕолоох бөтүүктэр, чоппуускаларгытыгар хайаан да болҕомтолоох буолун. Хайа уонна быйыл эһиэхэ оҕо кута букатын чугас сылдьар. Сороххут, бэл, игирэлэнэр дьоллонуон сөп. Дьиэ кэргэҥҥэ кыралаан өйдөспөт түгэн баар да буоллаҕына, урукку сыллар киэннэриттэн ураты буолуо суоҕа, аһарыаххыт. Өйдөспөт буолуу төрүөтэ - үлэнэн эрэ үлүһүйэрин, киһигэр болҕомто уурбатын. Соҕотох бөтүүк быйыл тапталлааҕын булунарыгар уустук соҕус буолуо. Санаарҕааман. Барыта иннигитигэр. Онтон бэлиэр ыал буолан эрэр дьон, үөрэ-көтөуруу тэрийиитигэр түһүн. Бэркэ ааһыа.

 

Эбисийээнэ

(1944, 1956, 1968, 1980, 1992, 2004)

Күүс-уох толору, сонун дьыалаҕа ылыстаххытына, баары да хаҥаттаххытына, барыта "тып-тап" табыллан иһиэ. Сонун билсиһии, эйигин өйүүр, кыахтаах дьону кытта алтыһыы  үгүс буолуо. Билигин буолбатаҕын иһин, ол кэлин туһалыа. Моҕой сыла эбисийээнэлэргэ бары да эйгэҕэ ситиһиини эрэннэрэр: дьиэ кэргэн иһигэр, үлэҕэ, тус олоххо, доруобуйа туругар уо.д.а. Кэлиэксийэһит "баайа" хаҥыа, дьиэҕэ, массыынаҕа ымсыыра сылдьыбыт киһи ол ыратын толорр кыахтанан үөрүө. Сорох икки куобаҕытэҥинэн тутан, дьоллонуо.  Үчүгэй түмүгү аҕалар сонун, сэргэх идиэйэ хотоҕостуу субуллуо. Доҕордуу сыһыан бөҕөргүө. Кыра, соччото суох түгэн күөрэйэн ыллаҕына да, эйиигин өйөөччүэлбэх. Үп-харчы киириитэ туох да аттаах. Олох-дьаһах кыһалҕата быһаарыллар. Соҕотох Эбисийээнэлэр, үлэнэн эрэ үлүһүйэ сылдьыбатаххытына, аналгытын быйыл көрсөр чинчилээххит. Дьолуолаах түгэни мүччүтутуман. 2014 сыл кэрэ, күүстээх аҥаары булунар тоҕооһу биэрэрэ саарбах.

 

Коза

(1943, 1955, 1967, 1979, 1991, 2003)

Козаларга үчүгэй сыл. Чуолаан айар үлэнэн дьарыктанар дьон, болҕомто киинигэр сылдьыаххыт. Сорохторго онтулара киһи мыыммат соболоҥноох буолсу. Тус олоххут эмиэ ситиһиилээх. Эр дьон, дьахтар да козалар утары аҥаары абылыыр күүскүт улаатар. Бу чааһыгар сэрэхтээх буол. Ыал козалар, оонньоһуунуолус дириҥэтэн, олоххутун алдьатаайаҕыт. Соҕотох сылдьааччылар да эмискэ элбээбит интириэстэн төбөҕүт эргийэн, атыны талан кэбиһэн, кураанаҕы кууһаайаҕыт. Хайа да түгэҥҥэ толкудаан баран быһаарынын. Күүс-кыах биир тэҥ буолбат: үрдүүр-намтыыр. Харыстанаргыт ордук. Тэрээһин эгэлгэтэ күүтэр. Мааны уопсастыбаҕаыалдьыттыыргыт үксүүһү.. Ол туһалаах дьону буларга көмөлөһүө. Талааҥҥытын кыахтаах дьон таба көрөннөр, улахан сыраны бараабакка, ситиһиилэнэр кыаххыт улдахан. Онтугутугунан киһиргэнимэн. Ону моҕой сөбүлээбэт. Табыгастаах, уһун кэмнээх барыһы аҕалар сөбүлэҥи түһэрсиигэ артыыстыыр талааҥҥыт туһалыа. Кумааһынньыккыт толору, онон үөрдүбэт буолуон табыллыбат. Ол быыһыгар онно саантааччы да син баар аҕай.

 

Сылгы

(1942, 1954, 1966, 1978, 1990, 2002)

Бисинэскэ уонна карьераҕа ситиһии күүтэр. Кутталлаах эйгэ - сүрэх, о.э. таптал боппуруоһа. Үйэлээх имэҥнээх тапталы эрэннэрэр киһи албынныыр куттала баар. Быйыл саҕаламмыт "арамаан" кэскилэ суох. Олоххут аргыһын быстаах кэмнээх аралдьыйыыга атастаһыма. Ол кэриэтин үлэҕэ-хамнаска оройгунан түс. Үс сылга ситиһиэхтээххин биирдэ олордон ылыан. Бэйэн эрэ түһэн бэрбэтэргин, үп-харчыүрүйэлии сүүрүгүрүө. Туһалаах, көөдьүүстээх стажировка, командировка,дуоһунас үрдээһинэ, үлэ саҥа саҕахтара - бу барыта иннигэр тэлгэнэр. Ыл, сатаан туһан. Үлэ чэрчитинэн буолбакка, ыра санаа оҥостубут сиргэр сынньанан кэлиэххэ сөп. Сүрүнэ, онно тиийэн тапталга ылларан "алдьаммыт сүрэхтээх" эргиллимэ, элбэҕи билэн-көрөн, үтүө өйдөбүллээх төнүн. Күүс-уох дэлэй. Наадалаахха туһаай. Доруобуйаҥ үчүгэй, түһэн биэриэ суоҕа.

ыаллар олохторо дьаалатынан устуо. Тапталлааҕын эн ситиһиигиттэн үөрүө, толору өйүүргэ кыһаныа. Өйдөспөт түгэн, өккүөр да баар буоллаҕына, кылгас кэмнээх. Саҥа ыал буолаачылар, урууну эһиилгигэ көһөрөргүт ордук.

 

Моҕой

(1941, 1953, 1965, 1977, 1989, 2001)

Үчүгэйтэн атыны аҕалбат сыл.

Бары салааҕа табыллыан. Доҕотторун - эрэллээхтэр, дьиэ кэргэнин - өйүүр. Доҕор оруола быйыл улаатар. Туһалаах идиэйэни, былааны этэн биэриэхтэрэ. Ону олоххо киллэрэн иһиэн. Атын сиргэ көһөргө санаммыт буоллаххына, өссө улахан ситиһии күүтэр. сыаналаах малы-салы ылыныы, биисинэскэ үбү угуу табыллыа. Үбү тутатына барааман. Сыл бүтүүтэ олус туһалаахха туттар түгэн  үөскүөн сөп. улахан атыы-тутуу көстөр. Дьиэ, массыына, даача... Бэйэҕит сылгытыгар табыллыбатаххытына хаһан? Онон хорсуннук киирсэн, айан-тутан, үлэлээн иһин. Дьиэ кэргэн олоҕо дьоллоох, кинилэр эйиигин үөрдэллэрэ элбиэ. иһирэх сыһыан олохтонуо.

сороххо күһүөрү кыраныысса таһыгар тахсар кыах бэриллэр. Туттумахтаһын. Туруккут, настарыанньаҕыт тупсуо. Таптыыр доҕору булунуу, уруу тэринии-саамай кэмэ.

"Кыым" хаһыаттан.2012 сыл ахсынньы 20 күнэ.

 

Суруйда Baaska. 2012-12-20 17:30:26 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ