Дьабарааскы, кутуйах элбэх оту мунньан, уйаларын халыҥнык оҥостоллор.
Куобах күһүн эмис буолар
Кутуйах ордуута дириҥ буолар
Кымырдаҕас оргулун үрдүктүк чөмчөтөр
Миитэрэйэп саҕана (сэтинньи 8 күнэ) халлааҥҥа үдүк-бадык уонна сырдыктыҥы будулҕан былыттар тахсаллар.
Си аһа күһүнүн өлгөмнүк сибэккилэнэр.
Сэбирдэх түргэнник, эрдэлээн түһэр.
Тииҥ аһылыгын мас аллараа өттүгэр хаһаанар.
Тииҥ уйатын мас аллараа өттүгэр туттар.
Тиит көмнөҕө аҕыйах буолар.
Төннүгэс көтөрдөр аллараанан ааһаллар.
Тэллэй, отон өлгөмнүк үүнэр.
Тэтиҥ сэбирдэҕэ күһүн тиэрэ түһэр.
Хаар кыырпаҕа бытархай уонна сэдэх буолар.
Хаар чараас буолар.
Сосин Иннокентий Михайлович. Күн-дьыл билгэтэ. Дьокуускай: "Бичик" - 2010.