Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 3 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: Курупааскы, улар охсуута саҕаланар.
Сотору:
1 күнүнэн: 21.04.2025 Күн көрдөҕүнэ, сайына ичигэс, былыттаах күн сайына куһаҕан.
3 күнүнэн: 23.04.2025 Паасха. Чуумпу сылаас түүн буоллаҕына сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
4 күнүнэн: 24.04.2025 Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан.
7 күнүнэн: 27.04.2025 Республика күнэ
11 күнүнэн: 01.05.2025 Маай бырааhынньыга.
         
    

Күһүҥҥү билгэ

Ардахтаах күһүн буоллаҕына, эһиилигэр хаардаах саас буолар.

Отон элбэх күһүнүгэр кыһына тымныы, сааһа тыала-кууһа суох кураан буолар.

Тииттэр, онтон да атын мастар  хойуутаан хагдарыйдахтарына, күһүн өтөрүнэн кэлбэт.

Тураах үрдүк маска олорор буоллаҕына, дьогдьоот дьыл, сотору кэминэн ардах да, хаар да түспэт кэмнэрэ буолуохтаахтар.

Хараҥаччылар күһүн дойдуларыттан хойуутаан бардахтарына, кыһын хойуутаан кэлэр, эрдэ бардахтарына, кыһын эрдэлиир.

Чыычаахтар сайын хойуутаан (атырдьах ыйын ортотун диэки) үөрдээтэхтэринэ, күһүнэ хойуутуур.

Ыам ыйа ардахтаах буоллаҕына, балаҕан ыйыгар кураан буолар.

Сосин Иннокентий Михайлович. Күн-дьыл билгэтэ. Дьокуускай: "Бичик" - 2010.

Суруйда Baaska. 2012-05-20 14:22:43 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ