Хаартыгын ырытан бааран, хаҥас илиин ылгын тарбаҕынан бэйэн диэки ас. Итиэннэ хаарты ханнык мааһа түбэһэрий да, онно тапталлааҕын аатын биэр. Салгыы биирдии-биирдии таһааран, сирэй өттүнэн ууран иһэҕин.
Онно “ыалдьыт”, “боруокка турар”, “суолга”, “ороҥҥо”, “остуолга”, “күүскэ таптыыр”, “кытаанахтык утуйар”, “ууруур” , “хомотор” диэн этэ-этэ, хас таһааран истэҕин аайы хаартын валета “даамата” ханныкка тахсар да тохтуугун.
Ол аата, кини бу кэмҥэ тугу дьарыктана сылдьара тахсар диэн ааттыыллар.
В.И.Бочонина, Т.М.Нохсорова “Таайтарыылаах таҥха” кинигэттэн. “Кыым” хаһыат. 2012 сыл тохсунньу 12 күнэ.