Үлэҕэ ситиһии өттүнэн көрдөххө, 2012 сыл уустук кэм. Кыра да ситиһиилэр олус үгүс үлэ түмүгэр кэлэллэр. Курдаттыы таайар дьоҕурдаах дьон бэйэлэрин кыахтарын таһынан “хамсаммакка” биир тэтимнээхтик үлэлиэхтэрэ.
Олунньуга уонна кулун тутарга үлэҕэ саҥа саҕалааһыыннары киллэрии үчүгэйи эрэ аҕалыа.
Үп-харчы туруга үчүгэй, арай муус устартан балаҕан ыйыгар диэри дохуоккутугар харыстабыллаахтык сыһыаннаһын.
Тус олоххут араас интириэһинэй түгэннэринэн баай. Сыл саҥатыгар олоххутугар суолталаах билсиһии күүтэр, саас ыал буолуоххутун сөп дииллэр астрологтар. Кэргэнниилэр тапталлара күһүн саҥалыы тыыннаныаҕа. Оттон соҕотох сылдьар “балыктары” быстах билсиһиилэр күүтэллэр.
Ахсынньы 29 күнэ, 2011 сыл.” Саха сирэ” хаһыат.