Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 5 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
1 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
3 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
5 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
7 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
12 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
13 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
         
    

Скорпион

Үлэҕитигэр олус суолталаах уларыйыылар тахсыбатар. Карьера үктэлинэн тахсыы уустук буолуоҕа. Биир күрүс устар үлэҕититтэн сылайан эбии  үөрэҕи баһылыырга  эбэтэр идэҕитин  үрдэтэргэ турунуоххут.

Маныаха ыам уонна бэс ыйдара саамай тоҕоостоох кэмнэринэн буолуохтара. Оттон айар үлэлээхтэргэ сыл устата үчүгэй кэм  сатыылыа.

Үп-харчы өттүнэн үчүгэй сыл. Сүүйсүлээх оонньууларга кыттыспаккыт наада диэн  астрологтар  сүбэлииллэр. Чэпчэкитик кэлэр харчыга эрэнимэн.

Тус олоххут баай ис хоһоонноох. Кэргэннээх “скорпионнар” дьиэ иһинээҕи сыһыаннара  үтүө туруктаныа, иллээх-эйэлээх олохтонуоххут, өйдөспөккө киҥир-хаҥыр саҥарсыы эһиги дьиэ кэргэҥҥитин тумнуо.  Бу бэлиэлээх оҕотох сылдьар дьону  интириэһинэй билсиилэр күүтэллэр, таптал уотугар ылларыахтарын сөп.

Суруйда Baaska. 2012-01-08 23:16:02 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ