Урукку сылларга үлэлээбит үлэҕит түмүгүн 2012 сылга билиэххит. Бу сыл үлэҕит сайдыы үктэллээх ааһыаҕа. Дьиэ кэргэҥҥитигэр эмиэ үтүө кэмнэр үүнүөхтэрэ.
Курдаттыы таайар дьоҕургут күүстээх буолуоҕа, ол иһин ол-бу саарбах дьыалаларга кыттыһартан туттунуоххут. Дьиҥинэн , 2012 сылга үгүс дьон албыҥҥа түбэһиэхтэрин сөп. Ол эрээри, “ыйааһыннар” албыннаппыт дьону көмүскэһэр кыахтаахтар.
Кулун тутарга уоонна муус устарга үгүс хамсааһын тахсыаҕа. Бу үбү эргитиигэ тоҕоостоох кэм. Оттон сэтинньигэ харчыгытын сэрэхтээхтик туттун.
Тус олоххутугар улахан уларыйыы суох. Ол гынан баран, олунньуга, кулун тутарга, бэс ыйыгар уонна сэтинньигэ интириэһинэй түгэннэр күүтэллэр. Эһигини дьону кытта утары туруора сатааһын баарын билиэххит.