2012 сыл бу бэлиэлээхтэргэ улахан уратыта суох. Үлэҕитигэр биллэрдик үрдээбэккит. Ол эрээри, муус устарга уонна ыам ыйыгар дьоҕус ситиһиилэниэххитин сөп, ону сэргэ бииргэ үлэлиир дьоҥҥутун кытта тапсыбат түгэннэр баар буолуохтара. Бу атааннаһыы ордук атырдьах ыйыгар биллиэҕэ.
Үп-харчы өттүнэн бигэ туруктаах сыл. Тус олоххутугар үчүгэй түстээх сыл. Элбэх билсиһиилэр, көрсүһүүлэр, таптал күүтэллэр. Соҕотох сылдьар “игирэлэр” сайын тапталларын көрсүөхтэрин, оттон кэргэннээх өттүлэрэ бу кэмҥэ тапталларын уота күүһүрүөн сөп диэн астрологтар сабаҕалыыллар. Атырдьах уонна балаҕан ыйдара үгүс түбүктэри аҕалыахтара.