Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 2 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
1 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
3 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
5 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
7 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
12 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
13 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
         
    

Оҕус

2012 сыл – кэскилгитигэр үлэлиир сылгыт. Туруоруммут сыалгытын  барытын ситиһиэххит суоҕа эрээри, бу сыл түбүктээх үлэҕит үтүө түмүктээх буоларын өр сыллар усталарыгар билиэххит. Олунньуга үлэҕитигэр ситиһиилэнэр туһуттан үлэҕитин уларытыаххытын сөп.

Бу сылга эһиги олоххутугар улахан сүпсүлгэн  суох буолуоҕа, ол оннугар холку майгыгытынан тулаҕытыгар  буолар иирсээни уҕарытыаххытын сөп.

Үп-харчы өттүнэн кулун тутар уонна муус устар ыйдар үчүгэй буолуохтара. Бу ыйдарга илиигитигэр улахан сууманы тутуоххутун сөп. Оттон бэс ыйыгар уонна ахсынньыга үбү эргитииттэн туттунун.

Сыл устата бэйэҕитин умнан туран чугас дьоҥҥутун проблемаларын быһаарарга дьулуһуоххут. Тапталга муус устар уонна сэтинньи ыйдарга ситиһиилэниэххит, оттон кэргэн тахсаары эбэтэр кэргэн ылаары сылдьар буолаххытына, от уонна атырдьах ыйдарыгар холбоһоргут ордук буолуо.

Суруйда Baaska. 2012-01-08 23:05:49 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ