Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 4 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
1 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
3 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
5 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
7 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
12 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
13 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
         
    

Кэлэр сыл битэ-билгэтэ

Саҥа дьылга төһөнөн элбэх киһини эҕэрдэлиигин да, соччонон элбэх ситиһии эйиигин кэлэр сылга күүтэр. Барыларыгар бэлэхтэ биэрин, күндүоээн, дьоллоох Саҥа дьылы баҕарын.

Ааһан иһэр сылы  ахсынньы 29-тан 31-гэр диэри атаарыахтааххыт, оччоҕо үүнэр сыл эйиэхэ үтүө хараҕын көрдөрүө.

Саҥа дьыл буолуон иннинэ алҕас да хомоппут  дьоҥҥутуттан бырастыы гыналларыгар көрдөһүн.

Саҥа дьыл иннинэ дьиэҕитин сууйун - тараан, муннуктары, бөҕү - сыыһы хомуйун, түннүккүтүн, сиэркилэҕитин кылбачыйыар диэри сотун. Дьиэ иһиттэн алдьаммыты барытын быраҕын, кыратык да хайдыбыт иһит - хомуос суох буолуохтаах.

Саҥа дьыл буолуон иннинэ этиһимэн, айдаарсыман. Оччотугар сылы быһа сыһыаҥҥыт тымныйыа.

Саҥа дьылы көрсөргө саамай мааны таҥаскытын, киэргэлгитин кэтин, оччоҕо баайдык - тоттук олоруоххут.

Саҥа дьыллааҕы остуолгутугар аһы толору тардан кэбиһин, кэлэр сыл эмиэ дэлэй астаах - үөллээх буолуоҕа.

Саха ыалын халандаара - 2012

Суруйда Baaska. 2011-12-30 00:58:22 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ