Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 4 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: Курупааскы, улар охсуута саҕаланар.
Сотору:
2 күнүнэн: 23.04.2025 Паасха. Чуумпу сылаас түүн буоллаҕына сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
3 күнүнэн: 24.04.2025 Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан.
6 күнүнэн: 27.04.2025 Республика күнэ
10 күнүнэн: 01.05.2025 Маай бырааhынньыга.
         
    

Скорпион

2012 сылга скорпионнар иннигит диэки эрэллээхтик уонна ыксаабакка айанныаххыт. Эһиги үлэҕитигэр сыһыаннаах улахан боппуруостары быһаарыаххыт. Үлэҕит табыллыылаах буолуо.

Онон сыалгытын ситиһэргэ дьулуһун. улахан дабайыы суох эрээри, карьера биир кэм, этэҥҥэ буолуо. 2012 сыл бүтэһигэр түбүктээх үлэ үтүө түмүктээх буолуо. Онон үөһээ көтүүгэ бэлэмнэн. Үлэҕитигэр аллараа түһүү суох буолуо. Ити курдук 2012 сыл ситиһиилээхтик ааһыа. Скорпионнар квалификацияҕытын үрдэтэргит, өссө эбии үөрэнэргит эбэтэр атын идэни баһылыыргыт саамай табыгастаах буолуо.

Өйдөспөт буолуу дьиэ кэргэн иһигэр, тус олоххутугар тахсыан сөп. Бу түгэҥҥэ буруйдаах эһиги буолуоххут. Куруукбириэмэ тиийбэтиттэн тапталлааххытын кытта кыыһырсыаххытын сөп. Скорпионнар үлэһит дьон буоланнар, карьераны бастакы миэстэҕэ туталлар. Таптыыр киһигитин кытта сыһыаҥҥыткэхтибэтин туһугар болҕомтото уура сатаан. Дьиэ кэргэн суолтатын, үгэстэрин умнума. Эһиги бириэмэҕитин уонна болҕомтоҕутун сөптөөхтүк үллэрин. Оччоҕо саамай наадалаах эйгэлэр айгырыа суохтара. Бэйэҕит өттүгүтүттэн төһө кыалларынан сыраҕытын уурдаххытына эрэ табыллар кыахтаах. Үлэҕит тэтимэ тохтоон хаалар түгэнигэр санааҕытын олох түһэримэн. Ол оннугар дьиэ кэргэҥҥин кытта бириэмэҕин атаар, доруобуйаҕын уөрүн.

Сыыйа-баайа куһаҕан хаачыстыбаларгын: өһүргэскин, атын дьон санаатын кытта сөпсөспөт буолуугун суох оҥор. Бииргэ үлэлиир дьоҥҥун кытта сыһыанын тупсуо, барыта этэҥҥэ буолуо.

"Орто Дойду" хаһыат. 22.12.2011

Суруйда Baaska. 2011-12-25 21:08:48 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ