Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 4 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: Курупааскы, улар охсуута саҕаланар.
Сотору:
2 күнүнэн: 23.04.2025 Паасха. Чуумпу сылаас түүн буоллаҕына сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
3 күнүнэн: 24.04.2025 Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан.
6 күнүнэн: 27.04.2025 Республика күнэ
10 күнүнэн: 01.05.2025 Маай бырааhынньыга.
         
    

Киһини сылыктыыр билгэ.

Көстөр дьүһүнүнэн:

  • Кырдьыбат, өр үйэлээх киһи бэлиэтэ: хаана сиинэ үчүгэй араҕас, чэпчэки, куҥа-таһа үчүгэй.
  • Түүлээх киһи, уһун астаах дьахтар дьоллоох буолаллар.
  • Кыыс, дьахтар кэтэҕин ньирэй аһа хойуу буоллаҕына - үгүс оҕолоох буолар.
  • Дьахтар баттаҕа эмискэ уһуура - эрдэ өлөрүгэр.
  • Киһи кэтэҕин сиигэ улахан кэдэгэр буоллаҕына - өйдөөх, оттон кэтэҕэ чокоойу курдук буоллаҕына, кэтэҕин олоруута куһаҕан, өйө суох баҕайы буолсу дииллэр.
  • Сүүһэ намыһах, баһа үөһэ үмүрүйэн, баттаҕа өрө үүнэр киһи акаары буолар.
  • Тэрбэгэр хаастаах, үрдүк сүүстээх, үөрүнньэҥ хааннаах киһи - үтүө майгылаах.
  • Убаҕас хаастаах киһи дьоло суох буолар.
  • Кулгааҕын үөһээ төбөтө олус үөһээ киһи - мөлтөх буолар
  • Ап араҕаһынан арылычсчы көрбүт олохтоох харахтаах, лоп курдук тыллаах-өстөөх киһи - үчүгэй киһи бэлиэтэ.
  • Киһи хараҕын иччитэ кырата - өр үйэлээх буоларыгар.
  • Акаары киһи бэлиэтэ - хараҕа иччитэ суох.
  • Хараҕа албын - уоруйах буолар.
  • Кубархай хоҥоруулаах киһи кылгас үйэлээх буолар.
  • Бөҕө тиистээх киһи уһун үйэлээх буолар
  • Бөҕө киһи моонньо сэтэлээх, суон, илиитэ кырыылаах.
  • Кэтит түөстээх, дараҕар сарыннаах, кырыылаах харылаах киһи - күүстээх, бөҕө буолар.
  • Саар тэгил уҥуохтаах сылбырҕа киһи - хапсаҕай, атаҕынан кытыгырас буолар.
  • Үлэһит киһи ытыһап кэтит, халыҥ, тарбаҕа кылгас.
  • Киһи ытыһа чараас буоллаҕына, дьоло суох, кылгас үйэлээх аатырар.
  • Ытыһа бүтэй дьахтар - дьоллоох, ытыһа тэһэҕэс - дьоло суох.
  • Киһи тарбахтарын сүрэхтэрэ аһаҕас саастаах буолаллара - киһи дьоло суох буоларыгар.
  • Уус киһи тарбаҕа кэдэгэр уһуктаах буолар
  • Илиитэ олус уһун киһи - ылыгас (уоруйах) буолар.
  • Киһи харытын бобо тутан баран ньиккэрийдэххэ, тымыра аһаҕас буоллаҕына - ол киһи оҕоҕо-сүөһүгэ дьоло суох; хаҥас илии - оҕо дьоло, уҥа илии - сүөһү дьоло.
  • Маадьаҕар атахтаах киһи тирэхтээх, күүстээх, кытыгырас буолар.
  • Тобуга кыпчыгыр киһи - мөлтөх, сүһүөҕэ суох.
  • Мэҥ - Айыыһыт уурбут бэлиэтэ, онон мэҥнээх киһи дьоллоох.

Р.И.Бравина "Киһи уонна дьылҕа". Бичик - 2002

Суруйда Baaska. 2011-12-09 20:59:27 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ