Билгэ
Күн Куйаарыма кинигэтинэн билгэ.
Билгэлэнэргэ биир киhи күҥҥэ биирдэ эрэ баттыахтаах, ол кэннэ утуу субуу хаста да баттаабытын аахсыллыбат, маҥнайгы эрэ сырыын дьиҥнээх буолар.
БИЛГЭЛЭН <--баттаа
|
|
Олох-дьаһах билгэлэрэ
- Оһоххо умайа турар мастан чох кыырайан түстэҕинэ - ыраахтан ыалдьыт кэлэр.
- Оһох уотуттан чох ыстанан түһэхтэригэр түстэҕинэ, уот иччитэ Эһэкээн тугу көтөхтөрдөҕөй диэн, сойутан баран айахтарыгар чугаһатан чупчуруйаллар.
- Үүт үрүт турбат буоллаҕына биитэр ыанаат иирэн хаалар буоллаҕына - куһаҕаҥҥа.
- Чохоон (хайах) үүтүн кытта арыыта кыайан ылсыбатаҕына, сатаан олорбокко.
- Сүөһү дэҥнэнэрэ - сүөһү турбатыгар.
Р.И.Бравина "Киһи уонна дьылҕа". Бичик - 2002
Суруйда Baaska. 2011-12-09 20:58:18 +10.
|
|
^ Үөһээ DIV >
|