.
|
|
Билигин сайтка 9 киһи баар |
Сотору: 2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл. 4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр. 6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү. 8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах. 13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
| |
Билгэ
Күн Куйаарыма кинигэтинэн билгэ.
Билгэлэнэргэ биир киhи күҥҥэ биирдэ эрэ баттыахтаах, ол кэннэ утуу субуу хаста да баттаабытын аахсыллыбат, маҥнайгы эрэ сырыын дьиҥнээх буолар.
БИЛГЭЛЭН <--баттаа
|
|
Айылҕа туругунан билгэ
- Атырдьах ыйа кураан буоллаҕына, күрэх буолуо диэн күрэх туутун, сандаатын бэлэмнииллэр.
- Күһүн балаҕаҥҥа киирэр ыйга хаар, самыыр, тыал, тымныы буоллаҕына, киирии хааһа ыгыллан кэлэр, бултаах күһүн буолар.
- Дьогдьоот күһүн буоллаҕына - көтөр үөһэнэн ааһар.
- Тыал тымныы, түүнүгэр тоҥорумтуо буоллаҕына, тордуйатыгар куһаҕан куобах турумтуо буолар.
- Күһүн уһаатаҕына, куобах хандаатыгар, улар, куртуйах тэптэргэтигэр үчүгэй буолар.
- Күһүн хаар өтөр түһүмнэ, күөл килэҥнээн тоҥноҕуна, күөл мууһа түүнүгэр орулуур буоллаҕына, баҕадьыга балык кэлбэт, балык күөл кутатыгар түһэр.
- Күһүн кыстык хаар көмүлүйэн ыга түстэҕинэ, быйыл күөл сабыыланна, балыгы баҕадьылаан сиэхпит, сонор хаара түстэ, сонордоон куобаҕы кыайыахпыт диэн үөрэллэр.
- Күөл хайыраҥ тоҥноҕуна, куйуурдаан сииргэ.
Р.И.Бравина "Киһи уонна дьылҕа". Бичик - 2002
Суруйда Baaska. 2011-12-09 20:51:37 +10.
|
|
^ Үөһээ DIV >
|
|
|