Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 5 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
         
    

Киһини сылыктыыр билгэ

  • Кырдьыбат өр үйэлээх киһи бэлиэтэ: хаана - сиинэ үчүгэй араҕас, чэпчэки, куҥа-таһа үчүгэй.
  • Түүлээх киһи, уһун астаах (баттахтаах) дьахтар дьоллоох буолаллар.
  • Кыыс, дьахтар кэтэҕин ньирэй аһа хойуу буоллаҕына - үгүс оҕолоох буолар.
  • Дьахтар баттаҕа эмискэ уһуура - эрдэ өлөрүгэр.
  • Киһи кэтэҕин сиигэ улахан кэдэгэр буоллаҕына - өйдөөх, онтон чокоойу курдук буоллаҕына, кэтэҕин олоруута куһаҕан, өйө суох баҕайы буолсу дииллэр.
  • Сүүһэ намыһах, баһа үөһэ үмүрүйэн, баттаҕа өрө үүнэр киһи акаары буолар.
  • Тэрбэгэр хаастаах, үрдүк сүүстээх, үөрүнньэҥ хааннаах киһи - үтүө майгылаах.
  • Убаҕас хаастаах киһи дьоло суох буолар.
  • Кулгааҕын үөһээ төбөтө олус үөһээ киһи - мөлтөх буолар.
  • Ап араҕаһынан арылыччы көрбүт олохтоох харахтаах, лоп курдук тыллаах - өстөөх киһи - үчүгэй киһи бэлиэтэ.
  • Киһи хараҕын иччитэ кырата - өр үйэлээх буоларыгар.
  • Акаары киһи бэлиэтэ - хараҕа иччитэ суох.
  • Хараҕа албын - уоруйах буолар.
  • Кубархай хоҥоруулаах киһи - кылгас үйэлээх буолар.
  • Бөҕө тиистээх киһи уһун үйэлээх буолар.
  • Бөҕө киһи моонньо сэтэлээх, суон, илиитэ кырыылаах.
  • Кэтит түөстээх, дараҕар сарыннаах, кырыылаах харылаах киһи - күүстээх, бөҕө буолар.
  • Саар тэгил уҥуохтаах сылбырҕа киһи - хапсаҕай, атаҕынан кытыгырас буолар.
  • Үлэһит киһи ытыһа кэтит, халыҥ, тарбаҕа кылгас.
  • Киһи ытыһа чараас буоллаҕына, дьоло суох, кылгас үйэлээх аатырар.
  • Ытыһа бүтэй дьахтар - дьоллоох, ытыһа тэһэҕэс - дьоло суох.
  • Киһи тарбахтарын сүрэхтэрэ аһаҕас саастаах буолаллара - киһи дьоло суох буоларыгар.
  • Уус киһи тарбахтара кэдэгэр уһуктаах буолар.
  • Киһи харытын бобо тутан баран ньиккирийдэххэ, тымыра аһаҕас буоллаҕына - ол киһи оҕоҕо-сүөһүгэ дьоло суох; хаҥас илии - оҕо дьоло, уҥа илии - сүөһү дьоло.
  • Маадьаҕар атахтаах киһи тирэхтээх, күүстээх, кытыгырас буолар.
  • Тобуга кыпчыгыр киһи мөлтөх, сүһүөҕэ суох.
  • Мэҥ - айыыһыт уурбут бэлиэтэ, онон мэҥнээх киһи дьоллоох.

Р.И.Бравина "Киһи уонна дьылҕа" 2002.

Суруйда Baaska. 2011-12-08 18:12:52 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ