Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 2 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: Курупааскы, улар охсуута саҕаланар.
Сотору:
1 күнүнэн: 21.04.2025 Күн көрдөҕүнэ, сайына ичигэс, былыттаах күн сайына куһаҕан.
3 күнүнэн: 23.04.2025 Паасха. Чуумпу сылаас түүн буоллаҕына сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
4 күнүнэн: 24.04.2025 Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан.
7 күнүнэн: 27.04.2025 Республика күнэ
11 күнүнэн: 01.05.2025 Маай бырааhынньыга.
         
    

Таҥха ыйа

Тоһуттар томороон тымныылаах тохсунньу ый сахаларга урут уруккаттан туох эрэ дьикти, ураты, таайтарыылаах кэм. Саха киһитэ бу ыйы "таҥха ыйа, дьыл оройо" диирэ, оттон тохсунньу 7 күнүттэн 19-гар диэри таҥха кэмэ диэн буолара.

Ол курдук чуолаан ити уэм иһигэр киһи дьылҕатын таба таайынарыгар , санаатын түмэригэр, сааһылыырыгар, уйулҕатын бөҕөргөтөрүгэр суол арыллар, түөрэх түһэр. Дьэ ол иһин былыр сахалар бу күннэргэ кэлэр кэскиллэрин түстүүллэрэ, хайдах дьаһанан олоруохтаахтарын саас сааһынан былаанныыллара.

Тохсунньу ый 7 күнэ үүнэр түүнүгэр, сатарыыр дьыбарга аан бастакынан оҕо сүлүкүүттэр тахсаллар эбит. ый 10-н кэнниттэн орто саастаахтара, онтон 15-с диэки - кырдьаҕас сүлүкүүттэр. Дьэ ити кырдьаҕас сүлүкүүттэр тахсыбыт кэмнэригэр таҥхалыыр ордук табыгастаах дииллэр эбит. Ол эбэтэр ити бириэмэҕэ билгэлэннэххинэ ордук сөптөөх көрүүлэнии буолар.

Чөл буолуу кистэлэҥнэрэ. Халандаар - 2010

Суруйда Baaska. 2011-12-07 01:04:36 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ