.
|
|
Билигин сайтка 7 киһи баар |
Сотору: 2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл. 4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр. 6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү. 8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах. 13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
| |
Билгэ
Күн Куйаарыма кинигэтинэн билгэ.
Билгэлэнэргэ биир киhи күҥҥэ биирдэ эрэ баттыахтаах, ол кэннэ утуу субуу хаста да баттаабытын аахсыллыбат, маҥнайгы эрэ сырыын дьиҥнээх буолар.
БИЛГЭЛЭН <--баттаа
|
|
Саха ыйдара
Сахалар ыйы халлаан ыйынан быһаараллар. 28 хонуктаах, онон сахаларга сыл 13 ыйдаах:
- Ыам ыйа (Бииринньи) - балык ыыр, мэччирэҥ саҕаланар ынар үүттэнэр, ыам элбиир.
- Бэс ыйа - бэс сутукатын хаһааныллар.
- От ыйа - окко киириллэр.
- Тиргэ ыйа - куска тиргэлэнэр, бу сыл сахаҕа үс сылга биирдэ ааҕыллар 13-с ый баар буоллаҕына ааҕыллар.
- Атырдьах ыйа - от кэбиһии, атырдьаҕынан элбэхтик туттуллар.
- Балаҕан ыйа - сайыҥҥы үлэ үмүөрүйэр, балаҕаҥҥа киирии, кыстык бэлэмнэниитэ буолар.
- Сэтинньи ый - сэттис ый. Сахаларга дьыл ыам ыйыттан саҕаланар, онон сэттис ый - сэтинньи.
- Ахсынньы - ахсыс ый.
- Тохсунньу - тохсус ый.
- Олунньу - онус ый.
- Кулун тутар - биэ маассабай төрөөһүнэ буолуута, ийэттэн кулуну араараллар, ол иһин кулун туталлар.
- Муус устар ый - сахалар кыһын балаҕаннарыгар түннүктэригэр муус туруораллар, ол саас күн сылааһыттан уонна дьиэҕэ көмүлүөк уотуттан ирбэтигэр хаттаан муус туруораллар эбэтр туоһунан чартаах сүлүүдэ түннүгү туруораллар.
-
Саха ыалын халандаара - 2008
Суруйда Baaska. 2011-12-06 17:00:29 +10.
|
|
^ Үөһээ DIV >
|
|
|