.
|
|
Билигин сайтка 5 киһи баар |
Сотору: 1 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл. 3 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр. 5 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү. 7 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах. 12 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх. 13 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
| |
Билгэ
Күн Куйаарыма кинигэтинэн билгэ.
Билгэлэнэргэ биир киhи күҥҥэ биирдэ эрэ баттыахтаах, ол кэннэ утуу субуу хаста да баттаабытын аахсыллыбат, маҥнайгы эрэ сырыын дьиҥнээх буолар.
БИЛГЭЛЭН <--баттаа
|
|
Байанай
Ыты тайахха илдьэ сылдьыы
Тайахха киискэ курдук бөҕө тыс, бөдөҥ уҥуох о.д.а. хаачыстыба улаханнык ирдэниллибэт. Кылаабынайа, санаатын ууран, тайаҕы көрдөөн, итиэннэ булан тохтоторо ирдэниллэр.
Сиһилии
Байанай
Киисчит ыт
Киискэ тулуурдаах, бөҕө тыстаах, бор, орто-бөдөҥ уҥуохтаах ыттар ордуктар.атаҕынан эмиэ кыанарбуолуохтаах. Ону тэҥэ уһулуччу сытымсах, мунааҕа суох хаачыстыба ирдэнэр.
Сиһилии
Байанай
Булчут ыттар тустарынан
Булчут дьон ыкка ирдэбиллэрэ тус туһунан буолар, хайдах сырыылаах уонна идэлээх ыкка үөрэмиттэринэн. Ыт да булду көрдүүр, үрэр быһыыта араастаах. Онон маннык ыт үчүгэй диэн, биир халыыпка киллэрэн, чопчу этэн кээһэр күчүмэҕэй.
Сиһилии
Байанай
Эһэни араастаан ааттааһын
А.Кулаковскай научнай үлэлэриттэн - Аабый
- Арбаҕастаах
- амакаан (Витим)
Сиһилии
Байанай
Тоҕус саастаах эсэһит оҕо
/норуот кэпсээнэ/ Аата - Салтаһа Мэхээлэ. Кыра эодэҕиттэн тулаайах хаалбыт. Кинини тастыҥ убайа тимир ууһа Халадьа Өлөксөй ииппит. Бу оҕо төһө да тулаайах буоллар киһи бары сөҕө махтайар күүстээх эбит.
Сиһилии
|
|
^ Үөһээ DIV >
|
|
|