.
|
|
Билигин сайтка 2 киһи баар |
БYГYН: Мүөттээх сиик түһэр. Сүмэһин таһаарар үүнээйи аһылыктаах үөн - көйүүр тиллэр, ыам кумаара түһэр. Сотору: 2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл. 4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр. 6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү. 8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах. 13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
| |
Билгэ
Күн Куйаарыма кинигэтинэн билгэ.
Билгэлэнэргэ биир киhи күҥҥэ биирдэ эрэ баттыахтаах, ол кэннэ утуу субуу хаста да баттаабытын аахсыллыбат, маҥнайгы эрэ сырыын дьиҥнээх буолар.
БИЛГЭЛЭН <--баттаа
|
|
Байанай
Балыктыыр сэп-сэбиргэл
Муҥха Балыктыыр тэриллэртэн саамай улаханнара муҥха буолар. Кинини өссө баҕадьы диэн ааттыыллар. Дьыл кэмиттэн көрөн муҥха тус туспа ааттардаах буолар. - Ыстаапка - сайыҥҥы кыра муҥха.
- Дьүккү - муус халыҥаабытын кэннэ туттуллар муҥха
- Ийэтэ суох муҥха - сорох сиргэ ньиккэ диэн ааттыыллар.
- Сап муҥха, хоппуруон муҥха диэн араараллар.
Сиһилии
Байанай
Туһахха киирбит эһэ
Өрдөөҕүтэ, Ньукулай букатын эдэр эрдэҕинэ, өссө эһэни, тайаҕы бултаһа илигинэ, биир билэр киһитэ кини туһаҕар тайах иҥнибитин, ону эһэ сиэбитин тыллаабыт. Ол сиэҥҥэ эһэҕэ туһах ииппитин, солото суох буолан хаалан, бэркэ сэрэнэн баран көрөн кэлэллэригэр көрдөспут. Онно Ньукулай бэйэтин курдук эдэр Ньууччахаан диэн уоллуун иккиэйэҕин атынан барбыттар.
Сиһилии
Байанай
Сэбээн Күөлгэ буолбут түбэлтэ
Сэбээн Күөл бөһүөлэгэр балыаһалара тыа саҕатыгар турар үһү. Балыыһа аттыгар баар пилорамаҕа бөдөҥ-садаҥ, күүстээҕинэн биллэр эдэр нуучча үлэлиирэ. Кэргэнэ балыыһаҕа санитаркалыыр дуу, туох дуу эбит. Кинилэр балыыһа аттынааҕы дьиэҕэ олорбуттар.
Сиһилии
Байанай
Ыал ынаҕын тардыбыт эһэ
Аҕыйах сыллааҕыта Кэбээйи Куокуй диэн бөһүөлэгэр олорор Күлээйэптэр диэн ыаллар ынахтарын бөһүөлэктэн соччо ырааҕа суох сиргэ сыһыыга мэччийэ сырыттаҕына эһэ тардыбыт. Ону дьон көрөн ынахтаах ыалга тыллаабыттар. Онуоха дьиэлээх хаһаайын биир атаһыныын тэлиэскэ бырасыаптаах кытай тыраахтарынанынахтарын өлүгүн харайа барбыттар. Сэрэххэ, сүнньүөхтээх доруоп сааны ылбыттар.
Сиһилии
Байанай
Алыһары блеснаҕа хаптарыы
Уопсайынан, алыһара суох сиргэ алыһардаабыта буолан күнү-дьылы туһата суох бараабат ордук. Бу балык уу кытыытыгар, уу аннынааҕы үрдэллэргэ, ууга баар туох эмэ хахха (от бөлкөйө, ууга сытар сыгынах) таһыгар хорҕойор. Улахан алыһар дириҥ ууну сөбүлүүр.
Сиһилии
|
|
^ Үөһээ DIV >
|
|
|