.
|
|
Билигин сайтка 3 киһи баар |
БYГYН: Мүөттээх сиик түһэр. Сүмэһин таһаарар үүнээйи аһылыктаах үөн - көйүүр тиллэр, ыам кумаара түһэр. Сотору: 2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл. 4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр. 6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү. 8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах. 13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
| |
Билгэ
Күн Куйаарыма кинигэтинэн билгэ.
Билгэлэнэргэ биир киhи күҥҥэ биирдэ эрэ баттыахтаах, ол кэннэ утуу субуу хаста да баттаабытын аахсыллыбат, маҥнайгы эрэ сырыын дьиҥнээх буолар.
БИЛГЭЛЭН <--баттаа
|
|
Байанай
Хаптаҕас
Өлүөнэ, Алдан, Бүлүү тардыытыгар, өрүс хочотунтыатыгар, үрэх сииктээх кытылын батыһа үүнэр бары билэр хаптаҕаспытын аһыы хаптаҕас (смородина кислая) диэн ааттыыллар.
Сиһилии
Байанай
Булчут ыты талыы, иитии
Булчут ыттары босхо эрэ сырытыннарыахха наада. Кыратык баайдын да тута эбиллэн, ыйааһыннара ыараан хаалар. Оччоҕо ыйааһыннарын уйбакка, тилэхтэрэ элэйэн хаалар.
Сиһилии
Байанай
Сордоҥноох күөллэр
Горнай уонна кэбээйи оройуоннарын икки ардыларыгар Сис Күөлэ диэн сиргэ сааһын тухары биир ынахтаах, биир оҕустаах эмээхсин олорбут. Биирдэ ынаҕа күөлүгэр киирэн уулуу турдаҕына, улахан сордоҥ тахсан ууга соһон киллэрэн сиэн кэбиспит.
Сиһилии
Байанай
Эһэ уонна сордоҥ
Былыр онно - манна улахан сордоҥноох күөллэр элбэхтэрэ үһү. оннук сирдэри "сир түннүктэрэ" диэн ааттыыллар эбит. Ол курдук эһэ күөлгэ уулуу киирдэҕинэ, оннук улахан сордоҥ тахсан, атаҕыттан хабан улахан охсуһуу буолара үһү.
Сиһилии
Байанай
Модьу санаалаах модьугу
Модьугу (филин) диэн куобаҕынан аһылыктанар, хахханнааҕар улахан, хоройо сылдьар кулгаахтаах, модьу тыҥырахтаах көтөр соҕуруу барбат, бу дойдуга кыстыыр.
Сиһилии
|
|
^ Үөһээ DIV >
|
|
|