/норуот кэпсээнэ/
Аата - Салтаһа Мэхээлэ. Кыра эодэҕиттэн тулаайах хаалбыт. Кинини тастыҥ убайа тимир ууһа Халадьа Өлөксөй ииппит. Бу оҕо төһө да тулаайах буоллар киһи бары сөҕө махтайар күүстээх эбит.
Салтаһа тоҕус сааһын туолар. Убайыгар биир чохороон сүгэни оҕустаран ылар. Убайа киниэхэ кэпсиир: "Биир ааттаах эсэһит киһини сиэбитэ, ол иһин охсуһа сытан быһаҕын туппутунанөлбүт этэ, быһаҕа хааннаах этэ, эһэ сиэбэккэ барбыт, кэнники дьон аҥаар хараҕа суох эһэни көрбүттэр этэ, алдьархайдаах эһэ ол сылдьар буолуохтаах", - диэн.
Салтаһа толкуйдуур: "Оҕуһу сүүскэ охсон кэбирэхтик охтороллор, онтон халыҥ үһүө эһэ сүүһэ", - диэн. Ол курдук өлөрөр сөп диэн тыаҕа барар.
Эһэ суолун булар. Суоллаан тиийбитэ, арҕахха киирбит. Салтаһа уһун талаҕы быһан ылан, мутугун суулаан баран, арҕах аанын үрдүн миинэн олорон, талаҕы иһирдьэ угантөттрү-таары сууралыыр. Эһэтэ аргыый аҕай төбөтүн быктаран эрдэҕинэ, сүгэнэн сүүскэ биэрэн дьөлө охсон өлөрөр. Эһэтин көрбүтэ аҥаар хараҕас суох эбит. Ону дьоҥҥо көрдөрөөрү төбөтүн быһан аҕалар. Бар дьон күннэрэ тахсан үөрүү-көтүү бөҕө буолар. Эһэни маннык бултаабыт тоҕус саастаах оҕолоох буолуох, остуоруйаҕа да суоҕа.
Салтаһа убайыгарбиир быһаҕы оҕустаран ылар. Сайын эһэни хайдах бултуур туһунан толкуйдуур, тиһэҕэр, бэйэни батыһыннаран, быһахха түһэрэн өлөрүөххэ сөп диэн санааҕа кэлэр.
Тыаҕа тахсан биир эһэни көрөр. Эһэтин кыыһырдаары иһиирэр, маһы тарбыыр. Эһэ сүүрэн кэлэр.Салтаһа куотан сыыһа-халты харбатар. Дьиэтин чугаһыгар Хатыҥ Үрүйэ диэн баар, онно кэлэн быһаҕын өрө тутан баран тиэрэ түһэр.Эһэ көппүт эрчимигэр иһин хайа түһэн кэбиһэр. Ол күнтэн ыла ити ньыманан саллар сааһын тухары бултуур.
Кэнники буораҕынан иитиллэр, ыраах тэбэр саалар оҥоһуллуохтарыгар диэри булчуттар салтаһа ити икки ньыматынан бултууллара үһү. Салтаһа кэбирэхтик бултуур ньымалары булаттаабыта билиҥҥэ дылы норуот кэпсээнэ буола сылдьар.
Бу кэпсээни Н.И. Корякин суруйбут. "Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ" кинигэҕэ киирбит.1977 сыл. "Кыраһа". Сэтинньи-ахсынньы ыйдар. 1994.