Моонньоҕон (дьордьомо) диэн крыжовниктыҥылар хара отонноох, сэбирдэҕэ суох кыстыыр талахтарын уопсай аата. Олортон Саха сиригэр 4 араас көрүҥ тарҕанан үүнэр.
Биһиги моонньоҕон диэни иһиттэрбит эрэ хордьон сибэккилээх моонньоҕону (малоцветковая смородина)өйдүү биэрэбит. Кырдьык да, бу көрүҥ Саха сиригэр киэҥник тарҕаммыт, арай уһук хоту Арктикаҕаэрэ үүммэт. Хордьоҥ сибэккилэх моонньоҕон ханнык баҕарар сииктээх тыаҕа, ордук силигилээн куруҥҥа, солооһуҥҥа дэбигис тарҕанар, үүнэр, астанар.
Биһиги бары үчүгэйдик билэр моонньоҕоммут буор кырсынан сытыары үүнэр угунан тэнийэр, тарҕанар. Угуттан 0,7-1,5 м үрдһктээх син хойуу лабаалаахумнас сараадыччы үүнэн тахсар. Саҥа быкпыт ук араҕастыҥы өҥнөөх, синньигэс, сымнаҕас, тостумтуо буолар. Күһүөрү кытаатар, хоҥнон түһэ сылдьар чараас хатырыктанар, сырдыктыҥы күрэҥ өҥнөнөр, лабааланан барар.
Сэбирдэҕэ судургу, уһун тууралаах, 3-5 салбахтаах эрбиилии кырыылаах пластинкалаах, үөһээ өттө хараҥа күөх, аллараа өттө сырдык күөх, тымырын устун хойуу түүлээх. Сэбирдэҕэ устатынааҕар кэтит.
Моонньоҕон бэс ыйыгаор сибэккилиир, сибэккитэ киһи хараҕар быраҕыллыбат, 5-10 буолан бытырыыс диэн дьукаах сибэккигэ хомуллан олорор. Чааскыга 5 кэдэрги иэҕиллэн үүммүт син бөдөҥ сэбирдэхтээх. Хоруоната 5 бытархай араҕастыҥы күөх эминньэхтээх. Тычинката 5, соҕооччуга 1.
Дьылыттан көрөн аһа от ыйын иккис аҥаарыгар эбэтэр ардахтаах, сөрүүн сайын атырдьах ыйын ортотугар сыыйа-баайа ситэн барар. Аһа - элбэх бытархай сиэмэлээх, өлбөөркөй сүмэһиннээх хара, сороҕор бороҥ отон.
Моонньоҕон сэбирдэҕин тымыорын устун, сибэккитин олоҕор, отонун хаҕар ураты сыттаах үгүс элбэх быллырыыттаах. (көтүмтүө арыыны, убаҕаһы таһаарар үүнээйи субатын түүтэ). Ол иһин моонньоҕон угун таарыйдыбыт эрэ бэркэ билэр, сөбүлүүр дыргыл сыппыт саба биэрэр. Ити моонньоҕон уратыта буолар.
Саха сирин илин аҥарыгар таас хайа тыатыгар, болбукта иһиригэр 0,5 - 0,7 м үрдүктээх сыттаах моонньоҕон (пахучая смородина) үүнэр. Бу моонньоҕон уга, сэбирдэҕэ, сибэккитэ, отонун быллырыыта хойуу буолан, дыргыл сыта өссө күүстээх. Сибэккитэ, отоно арыый бөдөҥ, олус минньигэсамтаннаах.
Саха сирин киин уонна соҕуруу өтүгэр күөх муохтаах, сииктээх тыаҕа моонньоҕон ураты көрүҥэ баар. Бу моонньоҕон сир кырсынан муох халыҥ дьапталҕатыгар тэлгэнэн үүнэр. Ол иһин сытааччы моонньоҕон (лежачая смородина, моховка) дииллэр. Уга хойуу самалык силистээх, онтон хатанан саҥаттан саҥалабааланан тарҕанар. Лабаата сэдэх соҕус буолар, хороччу үүнэн тахсар, үрдүгэ 20-30 см. Олор сибэккилииллэр, астаналлар. Сибэккитэ бытархай оруосубайдыҥы эбэтэр кытархайдыҥы өҥнөөх. Отоно арыый бөдөҥ, олус минньигэс амтаннаах, дыргыл сыттаах. Отонун минньигэһинэн бу сытааччы моонньоҕон (моховка) барыларыттан ордук. Моонньоҕон бу көрүҥэ тарҕаммыт да сиригэр сэдэхтик үүнэр буолан "Саха сирин Кыһыл кинигэтигэр" киирбитэ.
Моонньоҕон биир ураты көрүҥүнэн уохта, эбэтэр бэллээнэ (смородина дикуша, охта, "алданский виноград"
, буолар. Уохта хордьон сибэккилээх моонньоҕон иарҕаммыт сиригэр барытыгар баар. Ол гынан баран өрүс хочотун ойууругар сииктээх кумахтыҥы, сороҕор таас булкаастаах буордаах сиргэ эрэ үүнэр. Уохта бөлкөйө хойуу, 1,5 - 2 м үрдүктээх буолар. Сэбирдэҕэ бөдөҥ, устата кэтитинээҕэр улахан. Бытырыыска 15 - 20 маҥан сибэккилээх. Отоно уһун синньигэс эбэтэр бөкүнүк, халлаан күөхтүҥү тунахтаах хара, аһыытыҥы амтаннаах, сыта суох. Уохта быллырыыта суох буолан, моонньоҕон атын көрүҥнэрин курдук дыргыл сыта суох.
Ити курдук Саха сиригэр тарҕаммыт моонньоҕон 4 көрүҥүттэн ханнык баҕарар көрүҥү булан үөрэтиэххитин сөп.
Моонньоҕон айылҕаҕа да, киһи олоҕор да сүҥкэн улахан суолталаах. Моонньоҕонноох тыаҕа чыычаах эгэлгэтэ тоҕуоруйар, уйа туттар,сымыыттыыр, эҥин араас дьайыыттан хорҕойор, отонун сиир буолан, моонньоҕон сиэмэтин тарҕатар. Моонньоҕон сэбирдэҕэ сыл аайы почваны уоҕурдарын таһынан, түспүт сэбирдэҕэ ойуур көмнөҕүн үксэтэр. Оттон халыҥ, көпсөркөй көмнөххө туһалаах үөн-көйүүр элбиирин туһунан этэ да барыллыбат.
Моонньоҕон бары көрүҥүн эмкэ, аһылыккабылыр былыргыттан киэҥник туһаналлар. Отоно да, сэбирдэҕэ да баай туһалаах эттиктээх. Отонугар В, Р, С (0,4%) витаминнаах, каротиннаах (0,003%), элбэх саахардаах (4,5-16,8%), органическай аһыыбалардаах (2,5-4,5%), куураҕас(дубильнай) эттиктээх (4,3%), барий, марганец, цинк, молибден, кобальт, алтан, тимир, дьуот диэн киһи доруобуйатыгар туһалаах микроэлеменнэрдээх. Сэбирдэҕэр үгүс С,Р витаминнаах, эфир арыылаах. Моонньоҕон Саха сирин элбэх витаминнаах үүнээйилэриттэн биирдэстэрэ.
Моонньоҕон отонун сибиэһэйдии, саахары кытта эрийэн сииллэр, барыанньа, хомпуот, кисиэл, араас утах, арыгы, кэмпиэт о.д.а. ас оҥорорго туһаналлар. Моонньоҕонноох аска С витамин өргө дылы турар, холобур 6 ый устата турбут барыанньаҕа 80-89%, хомпуокка 41-100%, тоҥ отоҥҥо 40-70% хаалар. Моонньоҕон сэбирдэҕин оҕуруот аһын, тэллэйи тууһуурга, араас витаминнаах чэйи оҥорорго туһаналлар.
Моонньоҕон отоно, сэбирдэҕэ витамин тиийбэтиттэн, хаан убаатаҕына, сөтөлтөн эмтэнэргэ, аппетиты көтөҕөргө туттуллар. Норуот эмчиттэрэ сибиэһэй да, хатарыллыбыт да отону ыарыһаҕы тиритиннэрэр, ииктэтэр наадаҕа, үөһүрүүнү тохтоторго туһаналлар. Куртах, синньигэс оһоҕос төрдө бааһырдаҕына, куртах аһыыта аҕыйаатаҕына ртрн сүмэтин иһэн эмтэнэллэр. Оттон сэбирдэх суурадаһына уу үөскээһинин намтатар, ииктэтэр, бүөргэ, хабахха таас үөскээтэҕинэ суурайар дьоҕурдаах эбит.
Моонньоҕон бары көрүҥүн киэргэл отонноох үүнээйи курдук туттар буолан эрэллэр. Бу олус туһалаах дьарык. Маныаха тыаҕа үүнэр моонньоҕону эрэ буолбакка, саҥа суортары үүннэриэххэ сөп. Саха сирин биллиилээх селекционер учуонайа М.А. Черткова таһаарбыт Хара кыталык, Сардаана, Гибрид Г-26 о.д.а. бэртээхэй суортара киэҥник тарҕаналлара улахан кэскиллээх. Ити Уһук Хотугу дойдуга отонноох үүнээйинэн дьарыктаныы (садоводство) сайдарыгар тирэх буолуох этэ.
Тимофеев П.А., Иванов Е.И. "Саха сирин отонноох үүнээйилэрэ" Дьокуускай 1994